Кытайдар
Кытайдар, ол эбэтэр хань (Кытайдыы: судургутуллубуттуу 汉族 эбэтэр 汉人, төрүкүлүү 漢族 эбэтэр 漢人, пиньин hànzú эбэтэр hànrén) диэн Кытай сүрүн омуга. Дойду олохтоохторуттан 91 %. Кытайдар ордук элбэх ахсааннаах омук буолаллар — Сир бүтүн олохтоохторун 21 %. Саха сиригэр 11 тыс. кытай олорор (2009 сыл). Нуучча уонна саха тылыгар "кытайдар" диэн хань уонна да атын Кытай Дьон Республикатын омугун ааттыахха сөп.
Хань (кытайдар) (ханьцзу: 漢族 эбэтэр 汉族) | ||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|
Сун Ятсен · Дьэки Чэн Суҥ Чиҥ-лиҥ · Сяо Хоҥ · Яо Миҥ | ||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||
Бүтүн ахсааннара | ||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||
1,990,158,851 | ||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||
Олорор сирдэрэ | ||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||
| ||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||
Тыллара | ||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||
Кытай тыла | ||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||
Итэҕэллэрэ | ||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||||
Сүрүннээн буддизм уонна таоизм. |
Кытайдар Саха сиригэр
уларытСуруйуу ыытыллыбыт сылларга Саха сиригэр кытайдар ахсааннара | |||||||
---|---|---|---|---|---|---|---|
1926 | 1939 | 1959 | 1970 | 1979 | 1989 | 2002 | 2009 |
1 377 | 621 | 420 | 329 | 329 | 891 | 11 000 |
Кытайдар Саха сиригэр олороллорун туһунан быстах сурахтар 19-с үйэ диэки баар буолбутттара. Ол кэмҥэ кинилэр тыа хаһаайыстыбаҕа, көмүс хостооһуҥҥа, уо.д.а. араас хайысхаҕа үлэлиир этилэр. Архыып докумуоннара көрдөрөллөрүнэн Кытай уонна Саха сирин икки ардынан күргүөмнээх эргиэн бара турара.
Кытай дьонун күргүөмнээх кэлиилэрэ 1914 сыллаахтан Ленскэй табаарыстыба Маньчжурия рудниктарыгар кытай үлэһиттэрин хомуйааһынын кэннэ саҕаламмыта. Саха сиригэр Сэбиэйскй былаас туруоруллубутун кэннэ кытай үлэһиттэрэ промышленность араас тэримньитигэр үлэлииллэр этэ, да буоллар көмүс хостооһуна сүрүн дьарыктара этэ. Алдаҥҥа көмүс көстүбүтүн кэннэ (1923 с.) маҥнай олорор дьон көмүсчүттэр этилэр, олортон улаханнара кытайдар уонна кэриэйдэр. 1928 с. кытайдар көмүс хостооччулартан уонна үлэһиттэр ахсааннарыттан 60% этилэр.
Кытайдар атын дьарыктарынан сир оҥоруута, чуолаан эттэххэ, оҕуруот аһын үүннэрээһинэ этэ.
Ол кэмҥэ кытайдар бэйэлэрин бэйэлэрэ салайан үксүн туспа олоро сатыыллар этэ. Олохтоохтору кытта ситим суоҕа. Олохтоох аһы, таҥаһы соччо ылбакка эрэн барытын бэйэлэрин маҕаһыыннартан ылан олороллор этэ. Улахан аҥара нуучча тылын билбэтэ. Кытайдар барылартан саамай куһаҕан усулуобуйаҕа үлэлиир этилэр. Ол да буоллар Алдан партията кытайдар иитилэригэр болҕомто уурар, пропагандалыыр үлэни тарҕата сылдьыбыта.
Саха сиригэр үлэлии кэлбит кытайдар улахан ахсааннара — үлэлиир кыахтаах, сулумах эр дьон этилэр. Сорохтор кэлин саха дьахталларын, үксүн Хатыҥ Үрэх диэн сэлиэнньэттэн, ойох ылаллара. Маннык кэргэнниилэр оҕолоро үксүн ийэлэрин араспаанньаларын ыланнар, кэлин олохтоох нэһилиэнньэни кытта букатын булкуһан хаалаллара.
Ахсааннара
уларытХань омук улахан ахсаана — 1,2 млр. тахса киһи - Кытай Дьон Республикатыгар олорор (92%). Маны таһынан, хань омук ахсаана Гонкоҥҥа (95%), Макаога (96%) уонна Тайбааҥҥа (98%), эбэтэр Кытай Республикатыгар баһылыыр.
Атын омук дойдуларыгар кытайдар эмиэ элбэхтэр. Кытайтан төрүттээх дьону хуацяо (华侨, Huáqiáo), эбэтэр хайвайхуажэнь (海外华人 hǎiwàihuàrén - "муора нөҥүө баар кытай дьоно") диэн ааттыыллар. Ол курдук тас кытайдар ахсааннара аан дойдуга 40 мөл., олортон 30 мөл. киһи Соҕурууҥу-Илин Азия дойдуларыгар олороллор. Маны таһынан элбэх кытай эмиграннара Америкаҕа, Канадаҕа, Перуга, Арассыыйаҕа, Дьоппуоҥҥа, Аустралияҕа, Соҕуруу Африкаҕа, Улуу Британияҕа уо.д.а. дойдуларга олороллор.
Тыллара
уларытХань омук улахан аҥарын төрөөбүт тыла — кытай тыла буолар. Кытай тыла хас да араас диалектардаах. Бу диалектар бэйэ бэйэлэриттэн туспа араас Түрк эбэтэр Славян тылларын курдук уратылаахтаар, ол иһин араас кытай диалектарынан саҥарар дьон бэйэ бэйэлэрин өйдөһөллөрө уустук буолааччы. Кытай диалектарыттан саамай киэҥник тарҕаммыт, кэлин хал буолбут диалект - Путуҥхуа. Кытайга олорор үгүс дьон бары бу тылы билэллэр. Путуҥхуа Кытайга, Тайбааҥҥа, Гонкоҥҥа, Макаога уонна Сингапурга официал тыл буолар. Кантон (Гуаҥдуҥ) тыла - өссө биир киэҥник тарҕаммыт кытай диалега буолар.
Кытай диалектара төһө да дорҕооннорунан араас буоллаллар (холобур, путуҥхуа 4 фонетическай тоннардаах, Кантон тыла - 6), суруктара биир. Кытай суругар былыргыттан ыла кытай иероглифтара туттуллаллар. Онон кытай иероглифтара араас диалектарынан саҥарар дьоҥҥо өйдөнүөн сөп. Холобур, путуҥхуалыы "дорообо" 「你好」 диэн "ни хао" (nǐ hǎo), кантоннуу — "нэй хоу" (néih hóu).
Итэҕэллэрэ
уларытКытай нэһилиэнньэтин улахан ахсаана - атеистар (таҥараны билиммэт дьон), итэҕэйэр дьон быраһыана 31. Кытай үс сүрүн итэҕэллэрдээх - конфуцианство, даосизм уонна буддизм. Бу үс итэҕэли элбэх дьон уратыта суох курдук көрөллөр. Атын итэҕэллэртэн киэҥик тарҕаммыт - ислам буолар. Билиҥҥи кэмҥэ Кытайга 18 мөл. мусульман олорор. Олортон үгүс өттө - аҕыйах ахсааннаах Кытай омуктара (уйгурдар, татардар, казахтар, салардар, кыргызтар уо д.а.) Маны таһынан кытай мусульманнара (хуэй) ураты омук курдук ааҕыллаллар. Исламтан ураты сорох сирдэргэ христианизм тарҕанан турар (Кытай нэһилиэнньэтин 7%)