Чэпчэки атлетика
Чэпчэки атлетика— сүүрүүлээх, хаамыылаах, ыстаҥалаах уонна быраҕыылаах спорт көрүҥнэрин бөлөҕө. Спорт саамай маассабай көрүҥнэриттэн биирдэстэрэ.
Салайар тэрилтэ — Аан дойдутааҕы чэпчэки атлетика федерацияларын ассоциацията (ИААФ), 1912 сыллаахха тэриллибит, 212 дойду федерациятын түмэр (2011 сыллааҕы туругунан). ИААФ «лёгкая атлетика» диэн тиэрмини маннык быһаарар: «стадиоҥҥа күрэхтэһии, шоссеҕа сүүрүү, спортивнай хаамыы, уонна хайаҕа сүүрүү»[1].