Сыллар
1892 1893 1894 189518961897 1898 1899 1900
Уоннуу сыллар
1860-с 1870-с 1880-с1890-с1900-с 1910-с 1920-с
Үйэлэр
XVIII үйэXIX үйэXX үйэ

1896 сыл.

Туох буолбута

уларыт
  • Ыам ыйын 11 — Томскайдааҕы технологическай институт олохтоммут (билигин Томскайдааҕы политехническэй университет).
  • Ыам ыйын 30
    • Москубаҕа Ходынка хонуутугар Николай II хоруона кэтиитигэр анаммыт күүлэй кэмигэр 1300-тэн тахса киһи (былаастар ааҕыыларынан 1389, оттон атыттар сыанабылларынан 4 тыһыынчаҕа тиийэр киһи) ыгыллан уонна тэпсиллэн өлбүт.
    • Нью-Йорк куоратыгар устуоруйаҕа бастакы массыына саахала буолбут. Массыына уонна бэлисипиэт харсыспыттарыгар бэлисипиэттээх киһи атаҕын тоһуппут.
  • Бэс ыйын 2Улуу Британияҕа Италияттан төрүттээх Гульельмо Маркони араадьыйаҕа патент ылаары сайаапка түһэрбит.
  • Бэс ыйын 2Боотур Уус улууһугар өр кэмҥэ көскө олорон саха тылын кырамаатыкатын чинчийбит Сергей Ястремскай (1857—1931) босхолонон Иркутскайга, онтон салгыы Одессаҕа көһөн барбыт. Бу Харьков дэбэрээнин уола 1886 с. Саха сиригэр көскө ыытыллыан иннинэ ,устудьуоннуу сылдьан өрөбөлүүссүйэни бэлэмниир үлэҕэ кытынна диэн буруйданан 9 сыл хаатыргаҕа сылдьыбыта. Саха сиригэр уон сыл олорбута.
  • Бэс ыйын 3 — Москубаҕа Кытай уонна Арассыыйа импиэрийэтин бырабыыталыстыбалара кистэлэҥ дуогабар түһэрсибиттэр. Ол дуогабарынан Арассыыйа Кытайы Япония сэриилээтэҕинэ көмүскүөх буолбут уонна КВЖД диэн ааттаммыт тимир суолу Манчжурияҕа тутар быраабы ылбыт.
  • Бэс ыйын 4Генри Форд Ford Quadricycle диэн бастакы бензининэн барар массыынатын оҥорон бүппүт уонна тургутан көрбүт.


  • Алтынньы 30 — Иркутскайдааҕы генерал-губернатор Александр Горемыкин уонна урбаанньыт Николай Глотов Өлүөнэ өрүһүгэр борокуоттары сырытыннарар туһунан бастакы самалык дуогабарга илии баттаабыттар. Бу сөбүлэһии быһыытынан 1897 сыллааҕы навигацияҕа Уус Куттан Саха сиригэр таһаҕас уонна дьон таһыытыгар хааһынаттан төлөбүр 50 737 солк. 50 харч. тахсыа суохтаах эбит.

Төрөөбүттэр

уларыт

Өлбүттэр

уларыт