Иванов Александр Николаевич, тустуук
Тас көрүҥэ
Иванов Александр Николаевич — Олимпийскай оонньуу үрүҥ көмүс призера, ССРС спордун үтүөлээх маастара.
Олоҕун олуктара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1951 сыллаахха тохсунньу 10 күнүгэр Сунтаар улууһугар Чуона нэһилиэккэ төрөөбүтэ.
Спортка ситиһиилэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1970 с. ССРС эдэрдэргэ чемпиона. Венгрияҕа «Олимпийскай эрэллэр» турнир кыайыылааҕа. Бу сыл ССРС спордун маастарын нуорматын толорбута.
- 1971 с. Тбилисигэ норуоттар икки ардыларынааҕы турнир кыайыылааҕа. Норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастар аата иҥэриллибитэ.
- 1973 с. Тбилисигэ норуоттар икки ардыларынааҕы турнир кыайыылааҕа.
- 1974 с. Советскай Союз чемпиона. Ираҥҥа ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы турнир кыайыылааҕа.
- 1976 с. Советскай Союз чемпиона. Монреаллааҕы XXI сайыҥҥы Олимпиада призера. «Үлэҕэ килбиэнин» иһин мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
- 1988 с. ССРС үтүөлээх тренерэ.
- 1992 с. спорт үтүөлээх маастарын аата иҥэриллибитэ.
- Мирнэй улууһугар ДЮСШ директора.
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ССРС спордун үтүөлээх маастара
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тренерэ
- «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл (1976)
- Дьокуускай куорат Ытык олохтооҕо[1] (1998)
- «Хотугу сулус» уордьан[2] (2006)
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сайт Федерации спортивной борьбы Республики Саха (Якутия):Иванов Александр Николаевич
- Саха ыалын халандаара — 2009