Муус устар 27 диэн Григориан халандаарыгар сыл 117-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 118-c күнэ). Сыл бүтүө 248 күн баар.

Бэлиэ күннэр

уларыт

Түбэлтэлэр

уларыт
  • 711 — Омейядтар Испанияҕа аан бастаан саба түспүттэр: Тарик ибн Зияд баһылыктаах сэрии Гибралтарга устан тиийбит. Элбэх сыллаах сэрии түмүгэр Иберия (Пиреней) тумул арыы улахан аҥаара мусульманнар салайыыларыгар XV үйэ бүтүүтүгэр диэри (сэттэ үйэ тухары) олорбута.
  • 1771 сыллаахха М. Беневскай баһылыктаах Камчатка сыылынайдара өрө турбуттар. Дьаһаах уонна ас ыскылааттарын, «Святой Петр» диэн галиоту былдьаабыттар. Табаардары баһылыктара Беневскэй араспыыскатынан атыылаһаллар эбит. Ол араспыыскаларга Морис Беневскэй бэйэтин «пресветлейшей республики Польской резидент и Ея Императорского Величества Римского камергер, военный советник и регементарь» диэн ааттанар эбит. Кэлин бу дьон икки далайынан устан Францияҕа тиийбиттэрэ. Тиһэҕэр Беневскай Франция икки хоруолугар сулууспалаабыта, Людовик XV сорудаҕынан Мадагаскаар арыыны сэриилээбитэ, олохтоохтор хоруолунан билиммиттэрэ.
  • 1906Арассыыйа импиэрийэтин Судаарыстыбаннай Дуумата аан бастаан мустубут.
  • 1908 сыллаахха муус устар 27 күнүттэн алтынньы 31 күнүгэр дылы Лондон куоракка IV Олимпиада ыытыллыбыт.
  • 1920Максим Аммосов Хочо улууһуттан төрүттээх Семен Иванову Иркутскайтан Саха сиригэр төннөрөр туһунан сурук суруйар. Кэлин бу киһи САССР салайаачыларыттан биирдэстэрэ буолбута, конфедералистар өрө турууларын кэнниттэн салалтаттан туоратыллыбыта, сахалартан бастакынан инженер-гидролог идэтин ылан Өлүөнэ пароходствотын начаалынньыгын солбуйааччытынан үлэлээбитэ.
  • 1922 — Бүтүн Сойуустааҕы ЦИК дэкириэтинэн Саха АССР төрүттэммит — Саха сирин судаарыстыбаннаһа олохтоммут. Бу дэкириэтинэн Саха Сиригэр урукку Саха күбүөрүнэтин сирдэрэ, Енисей күбүөрүнэтин Хатанга-Анаабыр оройуона, Киренскай уйуос Өлүөхүмэ-Сунтаар буолаһа, Хотугу Муустаах акыйаан илиҥҥи кэтирээһин 84 уонна 140 кыраадыстарын ыккардыгар сытар бары арыылара уонна Камчаатка уобалаһын Охуоскай уйуоһа киирбиттэр.
  • 1974 — хомсомуол бастакы этэрээтэ БАМ-ы тута тиийбит.
  • 1992 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтин XII уочарата суох сиэссийэтигэр өрөспүүбүлүкэ саҥа Конституцията олоххо киирбитэ.
  • 1984 — Ирбэт тоҥу чинчийэр Институт дириэктэригэр Павел Мельниковка (19.06.1908—21.07.1994) Социалистыы Үлэ Дьоруойун аата иҥэриллибит.
  • 1994Михаил Николаев көҕүлээһинэн Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин "1920-1930-с сылларга репрессияламмыт саха норуотун бэрэстэбиитэллэрин үтүө ааттарын сөргүтэр туһунан" 824№ ыйаахха илии баттаабыт.
  • 2014 сыллаахха Дьокуускайга Киров уулуссатыгар Исидор Бараховка мэҥэ аһыллыбыт.

Төрөөбүттэр

уларыт
  • 1933 — Арҕаа Хаҥалас улууһун (билигин — Хаҥалас улууһа) Бэһис Малдьаҕар нэһилиэгэр Василий Федоров — устуоруйа билимин дуоктара. Дуоктар диссэртээссиэйтин Саха сирин 1900-1917 сылларга сайдыытыгар көмүскээбитэ.
  • 1941 — саха кэпсээнньит суруйааччыта Василий Титов, Үөһээ Бүлүү Мэйик нэһилиэгэр төрөөбүт.

Өлбүттэр

уларыт
  • 1480Фернан Магеллаан — айанньыт, Испания колонизатора, Сири төгүрүччү эргийбит бастакы Европа эспэдииссийэтин тэрийээччи (бэйэтэ айанын ситэрбэккэ, аара Мактан арыы баһылыгын илиититтэн өлбүтэ).