Пневмония
Пневмония эбэтэр ойоҕостотуу диэн тыҥа уонна тыынар систиэмэ ыарыыта. Киһи тыҥата кыракый альвеола диэн ааттаах хабахтартан турар, ол альвеолалар кислород салгынтан хааҥҥа киирэрин хааччыйаллар. Пневмонияҕа ол альвеолалар үлэлэрэ кэһиллэр, онтон сылтаан сатаан кислороду ылбат буолаллар. Сороҕор бу ыарыыны сэбиргэхтэтии диэн ааттааччылар, ол эрэн сэбиргэх диэн тыҥаны бүрүйэ сылдьар ис уонна тас субаны ааттыыллар, ол аата сэбиргэхтэтии диэн плеврит.
Pneumonia | ||
---|---|---|
МКБ-10 | J12., J13., J14., J15., J16., J17., J18., P23. | |
МКБ-9 | 480-486, 770.0 | |
DiseasesDB | 10166 | |
MedlinePlus | 000145 | |
eMedicine | topic list | |
MeSH | D011014 |
Пневмония бактерияттан, грибоктартан уонна араас паразиттартан сылтаан үөскүөн сөп. Ону тэҥэ ойоҕостотуу төрүөтүнэн сүһүрдэр эттик дьайыыта эбэтэр тыҥа оһолтон сылтаан (киһи саахалга түбэстэҕинэ иҥин) алдьаммыт буоллаҕына эмиэ саҕаланыан сөп. Тыҥа искэҥэ эбэтэр алкоголизм эмиэ пневмонияҕа тиэрдиэхтэрин сөп.
Пневмониялаабыт дьон үксүгэр тыыналларын ыарарҕаталлар, сөтөллөллөр уонна түөстэрэ ыалдьыан сөп. Ыарыы үөскээбит төрүөтүттэн көрөн эмтэнэр, холобур, бактерияттан сылтаан үөскээбит пневмонияны антибиотигынан эмтииллэр.
Пневмониянан киһи сааһыттан тутулуга суох ыалдьар. Ыарыы кутталлаах, киниттэн сылтаан дьон, ордук кырдьаҕастар, кыра оҕолор уонна мөлтөх иммунитеттаахтар өлөр түбэлтэлэрэ көстөр.
Пневмония атын араастара
уларыт- Атипичнай пневмония (SARS)
- Атипичнай пневмония - олус сыстыган өлөрүмтүө пневмония арааһа, бастаан 2002 сыллаахха Кытайга тарҕана сылдьыбат. Атипичнай пневмония коронавируһа төрүттээх буолбута. Атипичнай пневмония 2003 сылтан тарҕамматаҕа.
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|