Иһинээҕитигэр көс

Атырдьах ыйын 6

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Атырдьах ыйын 6 диэн Григориан халандаарыгар сыл 218-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 219-c күнэ). Сыл бүтүө 147 күн баар.

  • Арассыыйа Арассыыйа — Тимир суол сэриилэрин күнэ
  • Боливия Боливия — Тутулуга суох буолуу күнэ (Испанияттан, 1825)
  • Ямайка Ямайка — Тутулуга суох буолуу күнэ (Британияттан, 1962)
  • 1806Ытык Рим импиэрийэтэ суох буолбутун туһунан импэрээтэрэ Франциск II биллэрбит. Ол эрээри Франциск II Австрия импиэрийэтигэр ыраахтааҕынан хаалбыта, кэлин Наполеоннуун сэриилэспитэ, ол эрээри хотторон кыыһын киниэхэ ойох биэрэргэ күһэллибитэ, хойут Наполеон хотторбутун кэннэ Франция дьылҕатын быһаарсыыга сүрүн оруолу оонньообута.
  • 1851 — Кытай уонна Арассыыйа Кулдьатааҕы сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар, дойдулар ыккардыларыгар атыы-эргиэн сыһыана бөҕөргөөбүт. Бу иннинэ Арассыыйа Кулдьа куорат тула олохтоох казаахтар уонна уйгуурдар олорор сирдэригэр Синцзяҥҥа суоһуура (нуучча кириэппэһэ Вернай, билиҥҥитэ Алма Ата, итинтэн чугас этэ).
  • 1889 — Бүтэһик бэрчээккитэ суох бокс матча ыытыллыбыт.
  • 1914Австро-Венгрия Арассыыйаҕа сэриини биллэрбит. Сербия Германияҕа сэриини биллэрбит.
  • 1917 — Керенскэй бэрэстээтэллээх иккис Быстах кэм бырабыытыластыбата тэриллибит.
  • 1918үрүҥнэр Казань куораты ылбыттар.
  • 1925Алдаҥҥа көмүс көстүбүтэ икки сыл ааспытын кэннэ ЯЦИК быһаарыытынан Алдан уокуруга тэриллибит. Кини састаабыгар Дьокуускай уокуругуттан Алдан - Төмтөөн оройуона уонна Өлүөхүмэ уокуругуттан Тунгиир - Өлүөхүмэ оройуона киирбиттэрэ.
  • 1932 — Бастакы Венециятааҕы киинэ бэстибээлэ аһыллыбыт.
  • 1940Эстония ССРС састаабыгар киирбит.
  • 1945Аан дойду иккис сэриитэ бүтүүтүн саҕана Дьоппуоҥҥа Хиросима куоратыгар АХШ атомнай буомба бырахпыт. Хиросима барыта урусхалламмыт, 70 000 кэриҥэ киһи тута өлбүт, уонна хас да уонунан тыһыынча киһи кэлин уокка сиэтииттэн уонна радиацияттан өлбүттэр.
  • 1990 — РСФСР Үрдүкү сэбиэтин бэрэстээтэлэ Борис Ельцин Татарскай АССР-га тыл этэригэр: "Сүбэрэнитиэти төһөнү ыйыстаргытынан ылыҥ" диэн аатырбыт тылларын эппит. Бу этии тэлэбиидэнньэнэн эмиэ этиллибит, онтон Башкирскай АССР-га сылдьан эмиэ: "Былаастан төһөнү сатаан ыйыстаргытынан ылыҥ" диэн бигэргэппит. Билигин бу этиитин иһин Ельцины буруйдууллар, ол эрээри, сорох устуоруктар санааларынан, бу этии Арассыыйа Федерациятын чөл хаалларбыта, өрөспүүбүлүкэлэр ыһыллан, арахсан барыыларын тохтоппута. Бу кэнниттэн урукку АССР-дар утуу-субуу сүбэрэнитиэт биллэрбиттэрэ эрээри федерацияттан тахсыбатахтара.
  • 1991Тим Бернерс-Ли аан ситими ойуулуур тиэкистэри бэчээттээбит, WWW ким баҕарар туһанар ситимэ буолбут.
  • 2010Ииндийэ Джамму уонна Кашмир штаатыгар бөдөҥ халаан буолбутун түмүгэр 71 куораты уу ылбыт, кырата 255 киһи өлбүт.
  • 2012 — «Кьюриосити» марсоход Марска түспүт.
  • 2014 — Бэрэсидьиэн Владимир Путин ыйааҕынан Арассыыйаҕа аһы-үөлү кыраныысса таһыттан киллэрии хааччахтаммыт (ЕС дойдуларыттан, США-ттан, Канаадаттан, Австралияттан уонна Норвегияттан балыгы, эти, оҕуруот аһын уонна фруктаны аҕалыы бобуллубут).
  • 1844 — Яков Санников (1908 өлб.) — нуучча уонна омук полярниктарыгар сүҥкэн үтүөнү-өҥөнү оҥорбут саха атыыһыта. Хотулары аһынан-таҥаһынан хааччыйара, түүлээҕинэн эргинэрэ. Дьиэтэ Дьокуускайга Эргэ Куоракка билигин да турар. Уҥуоҕа Булуҥ улууһугар Өлүөнэ кытылыгар баар.
  • 1928 — Энди Уорхол — XX үйэ иккис аҥарыгар ордук биллэр Америка худуоһунньуга.
  • 1936 — Светлана Федосеева (2017 өлб.) — археолог, РАЕН бочуоттаах академига, СӨ Академиятын чилиэнэ, устуоруйа билимин дуоктара.
  • 1957 — Альбина Кычкина-Борисова — Арассыыйа үтүөлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа.


  1. День Хиросимы — Всемирный день борьбы за запрещение ядерного оружия