Иһинээҕитигэр көс

Бэлиитикэ баартыйата

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бэлиитикэ баартыйата диэн бэлиитикэ тэрилтэтэ, талыы нөҥүө дьаhалтаҕа былааhы ылар уонна тутар соруктаах. Баартыйалар үксүн хайа эмэ идеологияны эбэтэр көрүүнү тутуhаллар, ол платформаларыгар суруллар уонна туох эмэ соруктардаах. Биир кэрэхсэбиллээх баартыйалар коалиция тэрийиэхтэрин сөп.

Бэлиитикэ баартыйалара араас сиргэ тутулуга араас буолар. Ханнык эмит баартыйа күүһэ наһаа улахан буоллаҕына атын баартыйалары бобор кыахтаах буолар. Ол курдук Германияҕа Нацисткай баартыйа уонна сорох дойдуларга коммунистическай баартыйа оннук гыммыттара.

Араас дойдуларга, ол курдук Кытайга, Хоту Кэриэйэҕэ уонна Кубаҕа соҕотох баартыйа күүһэ тарҕаммыт. Атын диктатураларга, ол курдук Саудовскай Аравияҕа бэлиитикэ баартыйаларын үлэлэрэ бобуллубут, уонна ханнык даҕаны парламент суох.


Демократияҕа суолтата

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Улахан демократия дойдуларыгар бэлиитикэ баартыйаларын суолталара олус улахан.

Дойдуларга үксүгэр иккиттэн элбэхн баартыйа баар буолар, ол курдук АХШга Демократическай уонна Республиканскай баартыйалар бааллар. Атын баартыйалар баалларын да иһин Конгресска миэстэлэрэ суох. Германия Бундестагыгар алта партиялар миэстэлээхтэр, онтон Великобританияҕа икки улахан, биир орто кээмэйдээх уонна элбэх кыра баартыйалар бааллар.