Дашт-и-Кыпчак
Дашт-и-Кыпчак[1], эбэтэр Половец истиэбэ, Кыпчак истиэбэ[1] (перс. دشت قپچاق [dašt-i qipčāq], тадьииктии Дашти Қипчоқ ‘кыпчак истиэбэ’, Кырыым татаардыы Deşt-i Qıpçaq, кырг. Дашт-и-Кыпчак, каз. Қыпшақ даласы, башк. Дәште Ҡыпсаҡ; тат. Дәште Кыпчак, Däşte Qıpçaq; узб. Dashti Qipchoq, Дашти Қипчоқ; кумыктыы Дешт Къыпчакъ) – Евразияҕа былыргы кэмҥэ туттуллубут Дунайтан Иртыш өрүскэ уонна Балхаш күөлгэ диэри сытар сири бэлиэтиир аат.
"Дашт-и-Кыпчак" диэн ааты аан маҥнай XI үйэҕэ Насир Хосроу диэн перс тыллаах суруйааччы туттубут. 1030 сыллаахха кыпчак биистэрэ Иртыш өрүс кытылыттан Хорезмҥа тиийбиттэр уонна онтон билиҥҥи Казахстаан, Хотугу Кавказ, Причерноморье уонна Приазовье сирдэрин баһылаабыттар.
XI–XVI үйэтээҕи перстии уонна араабтыы суруллубут былыргы кинигэлэргэ кыпчактары Кибчак, Хихчак, Киччак, Кепчак, Хифчак да диэн ааттыыр этилэр[2].
Дашт-и-Кыпчак, ол эбэтэр атыннык эттэххэ Половец истиэбэ билиҥҥи Кытай, Казахстаан, Арассыыйа, Украина, Молдавия уонна Румыния сирдэринэн тэнийбит этэ.
Арахсыыта
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Дашт-и-Кыпчак үгэс быһыытынан икки аҥы арахсар: илиҥҥи (Алтаайтан Каспийга диэри) уонна арҕааҥы (Капсийтан Дунайга диэри). Дашт-и-Кыпчак арҕааҥы өттүн былыргы нуучча суруксуттара Половец истиэбэ (нууччалыы Половецкая степь) диэн ааттыыллара, бу сири Византия үөрэхтээхтэрэ Комания диэн ааттаабыттара.
Кырыым хааннара бэйэлэрин дойдуларын Дашт-и-Кыпчак диэн ааттыыллара[3].
XVI–XVIII үйэлэргэ Орто Азия суруксуттара Дашт-и-Кыпчак диэн ааттынан илиҥҥи Дашт-и-Кыпчак сирин, ол эбэтэр билиҥҥи Казахстаан сирин ааттыыллара[3].
Эбии көр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ 1,0 1,1 Географический энциклопедический словарь: географические названия / Под ред. А. Ф. Трёшникова. — 2-е изд., доп. — М.: Советская энциклопедия, 1989. — С. 148. — 210 000 экз. — ISBN 5-85270-057-6.
- ↑ Х. Камол. Отчим не может стать отцом. Об этногенезе узбеков Архыыптаммыт 2016, Кулун тутар 4 күнүгэр.
- ↑ 3,0 3,1 Домановский А. М. Секреты государственного устройства Крымского ханства: Куда ступит копыто ханского коня, то и принадлежит хану. — Харьков: ФОЛИО, 2017. — Т. 1. — С. 11-16.
Кинигэлэр уонна ыстатыйалар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Гумилёв Л. Н. Древняя Русь и Великая Степь. — М., 2006.
- Добролюбский А. О. Кочевники на западе причерноморских степей в X—XVIII веках (историко-археологическое исследование). — Автореферат дисс. … доктора исторических наук. — СПб.: ИИМК РАН, 1991. — 34 с.
- Дешт-и-Кипчак
- Кудряшов К. В. Половецкая степь: Очерки исторической географии. — М.: ОГИЗ, Географгиз, 1948. — 162 с. — (Записки Всесоюзного географического общества. Новая серия. Т. 2).
- Плетнёва С. А. Кочевники Средневековья: Поиски исторических закономерностей / Отв. ред. Б. А. Рыбаков; Институт археологии АН СССР. — М.: Наука, 1982. — 192 с.
- Плетнёва С. А. Половцы. — М.: Наука, 1990. — 210 с. — (Страницы истории нашей Родины). — 25 000 экз. — ISBN 5-02-009542-7
- Домановский А. М. Секреты государственного устройства Крымского ханства: Куда ступит копыто ханского коня, то и принадлежит хану. — Харьков: ФОЛИО, 2017. — Т. 1. — С. 11-16.