Дүҥүр
Дүҥүр - ойуун кыырарыгар былаайаҕынан охсон тыаһатар тэрилэ. Ис өттүгэр тимир быарыктаах, аарыктаах, хоболоох буолар. Ойуун айанныыыр атын курдук өйдөбүллээх[1].
Оҥоһуута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Киил мастан оҥоһуллубут ньолбоҕор быhыылаах иигэ оҕус тириитин тиирэн оҥороллор. Ии ис өттүгэр, ортотугар тимир быарыктаах (кириэстии баайыллыбыт тимир тоhоҕолор) буолар. Быарык иигэ үүттэммит анал хайаҕастарга (бүөр диэн ааттаах) баайыллара- туттарыллара. Хойутуу ии ис-тас өттүгэр эгэлгэ хоболору, кыыhааннары иилэр буолбуттара.
Туттуу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бу салааҕа төрүттэргэ сигэниитэ тиийбэт. Суруллубут тургутуллар кыахтаах буолуохтаах, өскө ол сатаммат буоллаҕына, кырдьыга саарбаҕаланыан уонна онтон сылтаан сотуллуон сөп.
Эн итэҕэтиилээх төрүттэргэ сигэ эбэн бу ыстатыйаны көннөрүөххүн сөп. |
Өссө маны көр
[биики-тиэкиһи уларытыы]Билицци кэмцэ саха5а уонна зороастризм итэ5элигэр баар, суруллан хаалбыт ёйдёбуллэртэн холбоон дуцур ёйдёбул туhунан маннык хартыынаны кёруёххэ сёп. Туц былыр Суцкэн Эрили Хомпоруун Хотой Айыыга (кини биир аата: Улуу Тойон) анаан кыhыары куhун туом толороллоро. (Кулаковский "научн. труды". Якутск.1979г.-18 стр). Санаан кёрдёххё, туом урдук сиргэ( Эт Мураацца) толоруллара буолуохтаах. Дьэ, туомун ситэрэн баран туhэллэр. Ётёр кэминэн ол сиргэ (арацаска) тыцырахтаах кётёр (Айыы диэн ёйдёнёрё) туhэрэ. Тёhё эрэ кэм буолан баран, кэтии- кёрё сылдьан, жрец Эт Мураацца тахсар уонна урдук айыы а5а ууhугар (омукка) сыhыанын билгэлиир. Барыта этэццэ буолла5ына, арацас (ньолбо5ор быhыылаах иигэ тиириллибит тирии) ол кэмтэн ыла Айыы "бэлэ5э"- дуцур буолара.
ёссё кёр: Итэ5эл-ойуун эттэниитэ- туёрт харахтаах ыт.
Өссө маны көр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта. III туом, Новосибирскай, Наука, 2006 ISBN 5-02-032332-2