И. И. Мечников аатынан Хотугулуу-Арҕаа судаарыстыбаннай мэдиссиинэ университета
И.И.Мечников аатынан Хотугулуу-Арҕаа судаарыстыбаннай мэдиссиинэ университета Федеральное государственное бюджетное образовательное учреждение высшего образования «Северо-Западный государственный медицинский университет имени И.И. Мечникова» Министерства здравоохранения Российской Федерации (ФГБОУ ВО СЗГМУ им. И.И. Мечникова Минздрава России) | |
Аан дойдутааҕы аата |
Mechnikov North-West State Medical University |
---|---|
Девиз |
Salus aegroti suprema lex |
Олохтоммут сыла | |
Көрүҥэ |
государственный |
Ректор | |
Устудьуоннара |
4200 |
Турар сирэ | |
Аадырыһа |
195067, Санкт-Петербург, |
Саайта | |
Mechnikov North-West State Medical University |
Арассыыйа Бэдэрээссийэтин доруобуйа харысталын министиэристибэтин И. И. Мечников аатынан "Хотугулуу-Арҕаа судаарыстыбаннай мэдиссиинэ университета" бэдэрээлинэй судаарыстыбаннай бүддьүөттэн үбүлэнэр үрдүк үөрэх тэрилтэтэ. Санкт-Петербург куоракка баар.
Устуоруйата
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]2011 с. Санкт- Петербурдааҕы диплом кэннэ үөрэхтээһин мэдиссиинэ акадьыамыйата уонна И. И. Мечников аатынан Санкт-Петербурдааҕы судаарыстыбаннай мэдиссиинэ акадьыамыйата холбоспуттарыттан үөскээбит[1]. Билиҥҥи кэмҥэ, университекка 4200 устудьуон, ол иһигэр тас дойдуттан 500 устудьуон, 670 интерн-быраас, 1500 кл.ординатор, 460 аспираан, доктораан үөрэнэллэр. Сыл аайы 32000 быраас квалификацияларын үрдэтэллэр.
Структурата
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]-Факультеттара
112 кафедра уонна 8 факультет баар[2]..
1. Лечебнай факультет 2. Педиатрическай факультет 3. Стоматологическай факультет 4. Медико-профилактическай факультет 5. Терапевтическай факультет 6. Медико-биологическай факультет 7. Хирургическай факультет 8. Социальнай үлэ уонна сиэстэрэ үрдүк үөрэҕин факультета -генно-инженернай биологическай терапия Киинэ -киин хаанын улахан Баана -клиникалар -научнай бибилэтиэкэ -6 научнай-чинчийэр лаборатория -2 НЧИ -улахан түмэл комплекса
Рейтиннэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]2014 с. "Эксперт РА" агенство, ХАСМУну Тутулуга суох Судаарыстыбалар Түмсүүлэрин бастыҥ үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин испииһэгэр киллэрбитэ, онно киниэхэ рейтин "Д" кылааһын иҥэрбиттэр. 2020 с. "Три миссии университета" рейтиҥҥа: 701-800 2020 с."Эксперт" аналитическай киин "изобретательская активность" рейтинигэр 49-51 миэстэ. RUR агенство Clarivate Analytics! норуоттар ыккардыларынааҕы хампаанньаны кытта үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин аан дойдутааҕы рейтинин таһаарбыт. Онно Арассыыйаттан 6 мэдиссиинэ үрдүк үөрэҕин тэрилтэтэ киирбит. Үрдүк үөрэх тэрилтэтин үөрэх уонна чинчийии уобаластарыгар репутациятынан тургутууга , 82 дойдуттан 1100 университет кыттыбыт. Рейтиҥҥэ Арассыыйаттан 81 үрдүк үөрэх тэрилтэтэ киирбит. Ол иһигэр: 40-с миэстэлээх МГУ Арассыыйаттан кыттааччыларга бастыҥ буолбут.
Мэдиссиинэ үрдүк үөрэҕин тэрилтэлэригэр уопсай зачетка 477-с миэстэлээх И.И.Мечников аатынан Бастакы МСМУ ылбыт. Уопсай зачетка 786-с миэстэни И. И. Мечников аатынан ХАСМУ ылбыт.
Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- https://vuzopedia.ru/vuz/1293
- https://vuzopedia.ru/vuz/1293/spec
- https://raex-rr.com/database/contender/10008482
- https://vademec.ru/news/2020/09/09/shest-rossiyskikh-medvuzov-voshli-v-mezhdunarodnyy-reyting-universitetov-rur/
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Приказ Минздравсоцразвития РФ от 23.06.2011 № 609 (ред. от 16.09.2011) «О реорганизации государственного образовательного учреждения высшего профессионального образования …(суох сигэ — история). Тургутулунна 28 Ахсынньы 2011. Төрүт сириттэн архыыптанна 20 Кулун тутар 2017.
- ↑ Минздрав превратил академии в университет Архыыптаммыт 2021, Тохсунньу 17 күнүгэр.