Лондоннааҕы Олимпиада 2012
Бу ыстатыйа иһэ «2012 Сайыҥҥы Олимпия оонньуулара» ыстатыйаҕа көһөрүллүөхтээх. Бу ыстатыйалары холбоон көмөлөһүөххүн сөп.
Өскө холбооһун тоҕоостооҕун ырытыы булгуччулаах буоллаҕына, бу халыып оннугар {{Холбуурга}} халыыбы туруор уонна Бикипиэдьийэ: Холбуурга сирэйгэ туһааннаах суругу эбэн кулу. Итини таһынан, бука диэн, көннөрүү историятын тургут. |
2012 с. сайыҥҥы Олимпиада оонньуулара (англ. 2012 Summer Olympics, фр. Jeux Olympiques d'été de 2012, официальнайдык Игры XXX Олимпиады диэн ааттанар) —2012 с. от ыйын 27 күнүттэн атырдьах ыйын 12 күнүгэр диэри Улуу Британия киин куората Лондоҥҥа ыытыллыбыт уон үһүс[1] сайыҥҥы Олимпиада оонньуулара. Лондон Олимпиада оонньууларын үһүс төгүлүн бэйэтин күөнүгэр ыыппыт бастакы куорат (бу иннинэ 1908 уонна 1948 сыллардаахх буолбута). Оонньуу ымыылара — Венлок уонна Мандевиль.
Куораты талыы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Хандьыдаат-куораттары талыы 2003 сыл от ыйын 15 күнүгэр түмүктэммитэ. Ол саҕана аан дойду 9 куората Оонньуулары тэрийиэн баҕарарын туһунан баҕатын номнуо биллэрбитэ: Гавана, Стамбул, Лейпциг, Лондон, Мадрид, Москуба, Нью-Йорк, Париж уонна Рио-де-Жанейро.
2004 с. ыам ыйын 18 күнүгэр Олимпиада норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэтэ (МОК) киирбит сайаапкалары көрөн, сыаналаан баран, 5 куораты талбыта. Ол -- Мадрид, Москуба, Ньэ-Йорк, Париж уонна Лондон. Бүтэһиктээх быһаарыы 2005 с. Сингапурга ыытыллыахтаах МОК 117-с сиэссийэтигэр ылыныллыахтааҕа.
Лондон кандидатуратын 2005 с. от ыйын 6 күнүгэр талбыттара. Сайаапканы Улуу Британия премьер-миниистирэ Тони Блэр бэйэтинэн тиийэн туттарбыта.
Оонньуу ыытыллар куората биллэриллибитин сарсыҥҥы күнүгэр Лондоҥҥа терракт буолбута.
Куораттары талыы түмүгэ | ||||||
---|---|---|---|---|---|---|
Хандьыдааттар | Дойду | 1-кы түһүмэх | 2-ис түһүмэх | 3-үс түһүмэх | 4-үс түһүмэх | |
Лондон | Великобританияссылка=Великобритания|граница|22x22пкс Улуу Британия | 22 | 27 | 39 | 54 | |
Париж | Францияссылка=Франция|граница|22x22пкс Франция | 21 | 25 | 33 | 50 | |
Мадрид | Испанияссылка=Испания|граница|22x22пкс Испания | 20 | 32 | 31 | — | |
Нью-Йорк | СШАссылка=Соединённые_Штаты_Америки|граница|22x22пкс АХШ | 19 | 16 | — | — | |
Москуба | Россияссылка=Россия|граница|22x22пкс Арассыыйа | 15 | — | — | — |
Кыттыбыт дойдулар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]2012 сыллааҕы сайыҥҥы Олимпиадаҕа уопсайа 204 дойдуттан кыттыбыттара. 4 киһи МОК былааҕын тутан киирэн, кини аатыттан киирсибиттэрэ.
Тэрилтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Инфраструктура
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Куттал суох буолуутун хааччыйыы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Олимпиада оонньууларыгар куттах суох буолуутун хааччыйарга күүстээх, кытаанах миэрэлэр ылыллыбыттара. Онно уопсайа 40 тыһыынча киһи кыттыбыта. Ол иһигэр 14 тыһыынча полиция үлэһитэ уонна 17 тыһыынча байыаннай сулууспалаах. Улуу Британия бырабыыталыстыбата куттал суох буолуутун хааччыйарга байыаннай тиэхиньикэни, бэл, "Рапира" диэн зенитнай-ракетнай копмлексы туһаммыта. Куттал суох буолуутун хааччыйарга 585 мөлүйүөн кэриҥэ стерлинг фунтата ороскуоттаммыта.
Успуорт эбийиэктэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Успуорт эбийиэктэрин улахан аҥаара Улахан Лондон тулатыгар баара. Үс кэрчиккэ арахсара — Олимпиада түһүлгэлэр, Олимпиада парката, өрүстээҕи (куорат соҕуруу өттүгэр, Темза өрүс кытылын кыйа) уонна киин, кииҥҥэ уонна эрэгийиэй арҕаа өттүгэр.
Олимпиада паарката
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олимпиада стадиона — чэпчэки атлетика, аһыллыы уонна сабыллыы сиэрэ-туома
- Уу киинэ — уу успуордун бары көрүҥэ, аһаҕас ууга харбааһынтан ураты
- Лондоннааҕы бэлиспиэт паарката — велотрек уонна BMX
- Ривербанк арена — окко хоккей
- Баскетбол арената — баскетбол, гандбол
- Коппер буокса — гандбол, аныгы пятиборье
- Лондон Олимпиадатааҕы дэриэбинэтэ
Өрүс түөлбэтэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ExCeL London (Лондон быыстапкалыыр киинэ) — буокса, фехтование, дзюдо, остуол тенниһэ, тхэквондо, ыарахан атлетика уонна тустуу
- O2 арена уонна Гринвич Арена — бадминтон, баскетбол, гимнастика бары көрүҥэ. Күрэхтэһии кэмигэр Гринвич Хотугу бастакы уонна иккис арената диэн ааттамыттара.
- Гринвичтааҕы паарка — ат успуорда уонна пятиборье сорох көрүҥэ
- Королева артиллериятын казармата — ытыы
Киин түөлбэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Уэмбли — футбол
- Уэмбли арена — бадминтон, уус-уран гимнастика
- Бүттүүн Англиятааҕы лаун-теннис уонна крокет кулууба — тенниһэ
- Лордс крикет граунд — оҕунан ытыы
- Риджентс-парк — велошоссе
- Аты гвардиятын плац-парада — кытыл волейбола
- Гайд-паарка — триатлон уонна аһаҕас халлаан анныгар харбааһын
- Эрлс Корт — волейбол
Лондон таһыгар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Куорат таһыгар хас даҕаны успуорт стадиона үлэлээбитэ. Улуу Британия биэс куоратыгар футболга барыллааһын киирсиилэр буолбуттара:
- Хэмпден Паарка, Глазго;
- Миллениум, Кардифф;
- Олд Траффорд, Манчестер;
- Сент-Джеймс Паарка, Ньюкасл;
- Ковентри куорат стадиона, Ковентри.
Ону сэргэ Лондоҥҥа хас даҕаны эбийиэк баара:
- Броксбурн Эрдээһиҥҥэ слаломын Киинэ, Уэлтэм Кросс;
- Дорни-Лейк, Дорни — академическай эрдээһин уонна эрдээһин уонна байдарканан уонна каноэнан эрдээһин;
- Уэймут уонна Портленд баарыстаах успуорка Национальнай академията, остров Портленд;
- Хадли куорат таһынааҕы паарка, Хадли замогыттан чугас — маунтин-байк.
Им бэлиэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Эмблема
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Ымыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Оонньуу ымыыларын 2010 сыл ыам ыйын 19 күнүгэр биллэрбиттэрэ[2]. Ымыыларынан, ааптардар этэллэринэн, Болтон ыстаал Венлок уонна Мандевиль диэн ааттаах икки таммаҕа буолбуттара. Кинилэр Олимпиадаҕа ханыылыы оонньуу аан бастакытын ыытыллыбыт Мач-Венлок диэн куоратын уонна Паралимпиадаҕа ханыылыы оонньуу эмиэ бастакытын ыытыллыбыт Сток-Мандевиль диэн куорат аатынан ааттамыттар. Ымыылар иккиэн биирдии харахтаахтар, ол харахтарыгар Оонньуу им бэлиэлэрэ уруһуйбаммыттар (Венлокка — Олимпиада им бэлиэтэ, Мандевильга — Паралимпиада).
Олимпиада уотун эстэпиэтэтэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Олимпиада уотун эстэпиэтэтэ 2012 сыл ыам ыйын 19 күнүттэн от ыйын 27 күнүгэр, Олимпиада буолар киэһэтигэр, диэри ыытыллыбыта. Эстэпиэтэ Холбоһуктаах Королевства бары сиринэн ааспыта, ону сэргэ хоруоналаммыт сирдэ — Джерси, Гернси уонна Мэн арыы — уонна Ирландия Өрөспүүбүлүкэтэ хабыллыбыттара.
Халандаар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Оонньуу толору араспысаанньата 2010 сыл олунньу 15 күнүгэр тахсыбыта[3].
Өссө көр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Список призёров летних Олимпийских игр 2012
- Летние Паралимпийские игры 2012
Бэлиэтээһиннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ 27-е по счету среди проведенных. Игры 1916, 1940 и 1944 годов были отменены
- ↑ BBC Sport — London 2012 unveils Games mascots Wenlock & Mandeville (англ.
- ↑ Календарь Олимпийских игр 2012 в Лондоне опубликован (англ.
Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Официальный сайт Игр Архыыптаммыт 2013, Олунньу 28 күнүгэр. (англ.)
- Игры 2012 на сайте МОК (англ.) (фр.)
- Официальное интернет-представительство Олимпийской команды России на Играх XXX Олимпиады Архыыптаммыт 2013, Кулун тутар 29 күнүгэр. (рус.)