Мустафа Балел
Мустафа Балел (тур. Mustafa Balel; балаҕан ыйын 1 күнэ, 1945, Сивас) — туурак суруйааччыта, драматург, тылбаасчыт.
Олоҕун кэпсээнэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1968 сыллаахха Анкараҕа Учууталлар институттарын французскай филология салаатын үөрэнэн бүтэрбитэ. Францияҕа Пуатье университетыгар стажировкаламмыта. 1968 сылтан Сивас, Ардаган, Стамбул куораттар үөрэхтэрин тэрилтэлэригэр француз тылын үөрэппитэ. Турцияҕа тахсар энциклопедияларга редколлегияҕа үлэлээбитэ. 1975-1976 сылларга Öykü диэн ааттаах сэһэн сурунаалын бэйэтэ тэрийэн таһаарбыта. Барыта аҕыс нүөмэр бэчээккэ тахсыбыта. Мустафа Балел туурак тылыгар Мишель Турнье, Ян Кеффелек, Паскаль Брюкнер, Хорхе Семпрун айымньыларын тылбаастаабыта. Нуучча тылыттан Максим Горькай, С.Т. Аксаков, Василий Аксенов айымньыларын тылбаастаабыта.
Бэчээккэ тахсыбыт кинигэлэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Kurtboğan (1974; кэпсээннэр)
- Kiraz Küpeler (1977-2010; кэпсээннэр)
- Gurbet Kaçtı Gözüme (1983, кэпсээннэр)
- Turuncu Eleni (1991; кэпсээннэр)
- Karanfilli Ahmet Güzellemesi (2005; кэпсээннэр)
- Глаза короля Эфиопии/ Etiyopya Kralının Gözleri (2011, кэпсээннэр)
- Василек/ Peygamber Çiçeği (1981—2005; арамаан)
- Окно с видом на виноградник/ Asmalı Pencere (1984-2011; арамаан)
- Bükreş Günleri (1983; Бухарест куоракка айан туһунан уочарка)
- Bizim Sinemamız Var (1979; оҕолорго аналлаах сэһэн)
- Cumartesiye Çok Var mı? (1981—2011; оҕолорго аналлаах сэһэн)
- Nöbetçi Ayakkabıcı Dükkânı (2005; оҕолорго аналлаах кэпсээннэр)
- Дедовское кожаное кресло/ Dedemin Bakır Koltukları (2011; оҕолорго аналлаах кэпсээннэр)
- Havlamayı Unutan Köpek (2012; оҕолорго аналлаах кэпсээннэр)
- Ressamın Kedisi (2014; оҕолорго аналлаах кэпсээннэр)