Орхан Памук
Фери́т Орха́н Паму́к (туур. Ferit Orhan Pamuk; от ыйын 7 күнэ, 1952, Стамбул, Турция) — туурак билиҥҥи кэмнээх суруйааччыта, дойду иһинэн, ону таһынан аан дойду таһымынан литературнай бириэмийэлэр лауреттара. 2006 сыллаахха литератураҕа Нобелевскай бириэмийэ лауреата буолбута. Орхан Памук айымньылара биэс уонтан тахса араас омук тылыгар тылбаастаммыта.
Олоҕун кэпсээнэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Орхан Памук 1952 сыллаахха от ыйын 7 күнүгэр Стамбулга төрөөбүтэ. Стамбул куоракка баар Robert College диэн эмиэрикэ коледжыгар үөрэммитэ. Бүтэрбитин кэннэ төрөппүттэрин санааларынан техническэй университекка үөрэммитэ. Үс сыл үөрэнэн баран суруйааччы буолар баҕаттан үөрэҕин бырахпыта.
1977 сыллаахха Стамбул университетын журналистика институтун бүтэрбитэ. 1985-1988 сылларга АХШ-ка Колумбийскай университекка үлэлээбитэ. 1982-2001 сылларга кэргэннэнэ сылдьыбыта, биир кыыстаах. Билигин Орхан Памук Гоаҕа Киран Десаи диэн индия суруйааччы дьахтарыныын бииргэ олорор.
Айымньылара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- «Джевдет-бей уонна кини уолаттара» / тур. Cevdet Bey ve Oğulları (1982, нуучч. тылбааһа 2007)
- «Чуумпу дьиэтэ» / тур. Sessiz Ev (1983, нууччалыы тылбааһыгар "Дом тишины", 2007)
- «Үрүҥ кириэппэс» / тур. Beyaz Kale (1985, нууччалыы тылбааһыгар "Белая крепость", 2004)
- «Хара кинигэ» / тур. Kara Kitap (1990, нууччалыы тылбааһыгар «Чёрная книга», 1999)
- «Скрытые лица» / тур. Gizli Yüz (1992)
- «Саҥа олох» / тур. Yeni Hayat (1994, нууччалыы тылбааһыгар «Новая жизнь», 2007)
- «Мин аатым Кыһыл» / тур. Benim adım Kırmızı (1998, нууччалыы тылбааһыгар «Меня зовут Красный», 2001)
- «Атын өҥнөр» / тур. Öteki Renkler (1999, нууччалыы тылбааһыгар «Другие цвета», 2008)
- «Хаар» / тур. Kar (2002, нууччалыы тылбааһыгар «Снег», 2006)
- «Стамбул. Город воспоминаний»[4] / тур. İstanbul: Hatıralar ve Şehir (2003, нууччалыы тылбааһыгар «Стамбул. Город воспоминаний», 2006)
- «Музей невинности» / тур. Masumiyet Müzesi (2008, нууччалыы тылбааһыгар «Музей невинности» 2009)
- «Изображения ландшафтов: жизнь, улицы, литература» / тур. Manzaradan Parçalar: Hayat, Sokaklar, Edebiyat (2010)
- «Наивный и сентиментальный романист» / тур. Saf ve Düşünceli Romancı (2011)
- «Мои странные мысли» / тур. Kafamda Bir Tuhaflık (2014).
Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |