Сэтинньи 3
Тас көрүҥэ
Сэтинньи 3 диэн Григориан халандаарыгар сыл 307-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 308-c күнэ). Сыл бүтүө 58 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Арассыыйа — Алаадьы күнэ
- Доминика — Тутулуга суох буолуу күнэ (Британияттан 1978 с.)
- Япония — Култуура күнэ
- Илин Тимор — Ийэ күнэ
- Мальдив арыылара — Кыайыы күнэ
- Микронезия — Тутулуга суох буолуу күнэ (АХШ-тан, 1986 с.)
- ХАЭ — Былаах күнэ
- Панаама — Тутулуга суох буолуу күнэ (Колумбияттан 1903 с. арахсыбыт)
- Украина — Ракетнай сэриилэр уонна артиллерия күннэрэ
- Украина — Инженернэй сэриилэр күннэрэ
- Эквадор — Куэнка тутулуга суох буолуутун күнэ. 1820 сыллаахха саҥа тэриллэн эрэр өрөспүүбүлүкэ үс провинциятыттан биирдэстэрин тутулуга суох киин куората Куэнка буолбут
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1693 — Нуучча ыраахтааҕытын сорудаҕынан Идес Избрант Пекииҥҥэ тиийбит. Кытай ыраахтааҕыта (Богдыхаан титулаах эбит) кинини үстэ ыҥыран кэпсэппит (1693 сыл сэтинньи 17, ахсынньы 27 күннэригэр уонна 1694 сыл олунньу 16 күнүгэр) уонна Москуба судаарыстыбатын туһунан ыйыталаспыт, Ниэрчинскэйдээҕи дуогабары тутуһалларын бигэргэппиттэр. Посол бэйэтэ Кытай атыытын-эргиэнин туһунан сибидиэнньэ хомуйбут. Москубаттан Кытайга айанныырыгар кэлэ-бара Сибиир усталаах-туоратын сыыйан, үгүс этнография хабааннаах матырыйаалы хомуйбута. Сырыытын түмүгүнэн 1704 сыллаахха Амстердам куоракка Н.К. Витсен кинигэ таһаартарбыта. Избрант бу үлэтигэр комилар, остяктар, тоҥустар, вогуллар, бүрээттэр, сахалар о.д.а олохтоох омуктар тустарынан эрдэтээҥи сибидиэнньэлэри биэрбитэ.
- 1905 — Финляндия автономията сөргүтүллүбүт.
- 1906 — Берлиҥҥэ баттаммыт конвенция түмүгэр аан дойдуга SOS сигнал ылыныллыбыт.
- 1912 — Монголия киин куоратыгар Ургаҕа (билиҥҥитэ Улаанбаатар) Арассыыйа уонна Монголия ыккардыларыгар доҕордоһуу туһунан сөбүлэҥ түһэрсиллибит. Бу түгэн биир сыл иннинэ Кытайтан тутулуга суоҕун биллэрбит Монголияны Арассыыйа билиммит уонна бэйэтин протекторатынан оҥостубут. Кэлин 1945 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуус ыгыытынан Кытай Монголияны туспа судаарыстыбанан билиммитэ. Ол кэннэ атын дойдулар эмиэ билинэн барбыттара. 1961 сыллаахха Монголия ХНТ-га киирбитэ.
- 1918 — Германия импиэрийэтэ Аан дойду бастакы сэриитигэр кыайтарбытын кэнниттэн Киль пордугар 40 000 моряк өрө туруута күөдьүйбүт, 1918-19 сыллардааҕы ньиэмэс өрөбөлүүссүйэтэ (Сэтинньи өрөбөлүүссүйэтэ) саҕаламмыт. Өрөбөлүүссүйэ түмүгүнэн Германия өрөспүүбүлүкэ буолбута.
- 1918 — Дьокуускайга федералистар баартыйалара таһаарар "Якутский голос" хаһыаттарын иккис нүөмэрэ тахсыбыт.
- 1924 — Саха сиринээҕи Толоруулаах киин кэмитиэт (ЯЦИК) ойууннааһыны утары охсуһууну биллэрбит.
- 1925 — Саха АССР-ы үөрэтэр ССРС Билимин Академиятын хамыыһыйатын бүрүсүүдьүмүн мунньаҕа буолбут. Мунньахха Дьокуускайга Национальнай бибилитиэкэни арыйар туһунан кэпсэппиттэр.
- 1928 — Туурсуйа араап алпабыытыттан латыынныыга көспүт.
- 1946 — Дьоппуон императора Сёва (Хирохито) саҥа көнүстүүссүйэҕэ илии батаабыт. Дойду иһигэр толору былаас импэрээтэртэн норуокка көспүт, оттон импэрээтэр "ил уонна норуот биир ньыгылын им бэлиэтэ" эрэ буолан хаалбыт. Ону кытары көнүстүүссүйэҕэ Дьоппуон сэбилэниилээх күүстэри тэриниэ уонна сэрии ыытыа суохтааҕа этиллибит.
- 1970 — Чиилигэ Сальвадор Альенде бэрэсидьиэн буолуутун сиэрэ-туома буолбут.
- 1992 — Бэрэсидьиэн Михаил Николаев баһылыктаах дэлэгээссийэ Словенияҕа бэрэсидьиэн Кучан ыҥырыытынан ыалдьыттааһынын саҕалаабыт.
- 1993 — Арассыыйа премьер-миниистирэ Черномырдин «Беркакит — Томмот — Дьокуускай (Уҥа Өлүөнэ) тимир суолун тутуутугар ылыныллар миэрэлэр тустарынан» уураахха илии баттаабыт. Манна атын миэрэлэр истэригэр, холобур, таас чоҕу хостуур Саха сирин тэрилтэлэрэ бөлүүтэнэн(валюта) киллэрэр харчыларыттан 10 % суолу тутууга угуохтаахтарын туһунан этиллибит.
- 1993 — Бэрэсидьиэн Михаил Николаев Москубаҕа Швеция посолун Бернеры кытта көрсүбүт.
- 1995 — Улуу Британия ыраахтааҕыта Елизавета II маори омугуттан бырастыы гынарыгар көрдөспүт.
- 1998 — «Сахаювелир» ХЭТ үлэлииригэр анаан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата 43 кг көмүһү уонна 1200 караат бирилийээни иэс биэрэргэ уураах таһаарбыт.
- 2009 — Чиэхийэ бэрэсидьиэнэ Вацлав Клаус Лиссабоннааҕы сөбүлэҥҥэ илии баттаан, докумуону олоххо киллэрбит.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1957 — Кирилл Герасимов — саха композитора, педагог, дирижер, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын айбыта. Саха Өрөспүүбүлүкэтин искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, Сунтаар улууһун Ытык олохтооҕо.
- 1958 — Маргарита Васильева — 1994 сылтан ыла Опера уонна балет тыйаатырын солбуйааччы дириэктэрэ.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1954 — Анри Матисс — аатырбыт Франция уруhуйдьута уонна скульптора.
- 1969 — Леонид Киренскэй — чинчийээччи, академик, Саха Сириттэн төрүттээх дьонтон бастакынан академик аатын ылбыт киһи, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
- 2003 — Иван Федосеев - Доосо — саха түмэт диэйэтэлэ, бэйиэт, прозаик, тылбаасчыт, литэрэтиирэ критигэ, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1964). 1965-1992 сылларга «Хотугу сулус» уонна «Полярная звезда» сурунааллар холбоммут эрэдээксийэлэрин эппиэттиир сэкиритээрэ.
|