Тохсунньу 31
Тас көрүҥэ
Тохсунньу 31 диэн Григориан халандаарыгар сыл 31-с күнэ. Сыл бүтүө 334 күн (ордук хонуктаах сылга 335 күн) баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бүгүн өбүгэлэрбит этэллэринэн Дьыл оҕуһун аҥаар муоһа тостор, ону сорох улуустар муоһун кылаана кыларыйар дииллэр. Эһэ арҕаҕар сытан эргийэр, ытыһын саланан ылар. Бу кэмтэн ыла тыал-куус саҕаланар. Кэлин бу күн Бастакы Охонооһойоп күнүн кытта ситимнэммит, Охонооһойоптор 12-лии хонугунан быысаһаллар.
- Австрия — Уулусса оҕолорун күнэ. 2009 сыллаахтан бэлиэтэнэр.
- Науру — Тутулуга суох буолуу күнэ (1968 сыллаахха, Австралияттан).
- Ииндийэ — Амартити, сүнньүнэн Махараштра штаакка Мехерабад диэн сэлиэнньэҕэ Мехер Баба (1894-1969) өлбүт күнүгэр бэлиэтэнэр.
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1578 — Испания сэриитэ голландецтар, фламандецтар, англичааннар, шотландецтар, ньиэмэстэр, французтар уонна валлоннар өрө туран холбоспут аармыйаларын Голландияҕа Жамблу аттынааҕы кыргыһыыга үлтүрүппүт. Дьиктитэ диэн устуоруйаҕа сурулларынан өрө турааччылар 8000 эбэтэр 12000 киһини өлбүтүнэн сүтэрбиттэр, оттон Испания аармыйата баара суоҕа 15 киһи сүтүктэммит. Тыыннаах хаалбыт 3000 кэриҥэ өрө турааччылар саллааттара Жамблу куорат эркинигэр саспыттар, биэс хонон баран бэриммиттэр.
- 1714
- Бүөтүр I Кунсткамераны олохтообут — Арассыыйа саамай кырдьаҕас түмэлин.
- Бүөтүр I дворяннар оҕолорун математикаҕа үөрэтэргэ ыйаах таһаарбыт, үөрэммэтэх уолаттар ойох ылар бырааптара суох буолбут.
- 1775 — «О новом разделении Иркутской губернии на провинции, воеводства и комиссарства» диэн саҥа сокуонунан Иркутскай күбүөрүнэ састаабыгар Саха провинцията тэриллибит. 1783 сылга диэри Саха провинциятыгар саҥа тэриллибит Киренскай бойобуодустуба уонна Илим комиссарствота киирсэр этилэр.
- 1864 — Москубаҕа «аһаҕас зоология саада» — зоопарка аһыллыбыт.
- 1915 — Аан дойду бастакы сэриитэ: Германия Арассыыйа сэриилэрин утары Болимув аттынааҕы кыргыһыыга аан дойдуга бастакынан сүһүрдэр гааһы сэриигэ туттубут.
- 1917 — Аан дойду бастакы сэриитэ: кайзер Вильгельм II өстөөх туох баар хараабылларын тимирдэр уу аннынааҕы сэриини сөргүтэргэ биркээстээбит. Бу иннинэ 1916 сыл муус устарыгар өстөөх пассажирскай хараабылларын утары сэрэппэккэ торпеда ыытыыны тохтото сылдьыбыттара.
- 1921 — Сибиирдээҕи бааһынайдар сэбиэскэй былааһы утары өрө туруулара Ишимҥэ саҕаламмыт.
- 1928 — Лев Троцкай Алма-Атааҕа көскө ыытыллыбыт.
- 1942 — Аан дойду иккис сэриитэ: Сойуустаах сэриилэр дьоппуоннартан Малайя аттынааҕы кыргыһыыга хотторон Сингапурга чугуйбуттар.
- 1943 — Сталинградтааҕы кыргыһыыга ньиэмэс фельдмаршала Фридрих Паулюс бэриммит.
- 1947 — Ленинградка 2-с Бүтүн Сойуустааҕы география сийиэһигэр биллиилээх устуорук Алексей Окладников «Саха омугун төрдө» диэн дакылааты аахпыт.
- 1951 — ХНТ Куттал суох буолуутун Сэбиэтэ Кэриэйэ сэриитин туһунан 90-с резолюцияны ылыммыт.
- 1968 — Вьетнам сэриитэ: Бартыһааннар Сайгоҥҥа АХШ посольствотыгар уонна атын эбийиэктэргэ саба түспүттэр.
- 1968 — Науру Австралияттан тутулуга суох буолбут.
- 1990 — Москубаҕа бастакы McDonald’s ресторана аһыллыбыт. Бастакы күнүгэр рестораҥҥа 30 тыһ. киһи сылдьыбыт — McDonald’s ситимин устуоруйатыгар рекорд.
- 2020 — Улуу Британия Европа Сойууһуттан тахсыбыт (Brexit). Бу туһунан референдумҥа 2016 сыллаахха куоластааччы 51,9 %-на тахсыы диэки буолбута.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1543 — Токугава Иэясу — Дьоппуон салайааччыта (1603—1605), Токугава сёгуннар династияларын олохтооччу.
- 1878 — Мустафа Маһмудов — азербайдьаан уһуйааччыта, Арассыыйа Империятын Иккис ыҥырыылааы Судаарыстыбаннай Дуума Баку губерниятыттан дьокутаата, Азербайдьаан омук сүбэтин сэкрэтээрэ.
- 1915 — Афанасий Петров — саха биллиилээх артыыһа, РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа.
- 1921 — Иван Павлов — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. 1960-с сыллартан Чурапчы устуоруйатын, Чурапчы дьоно Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыыларын үөрэтэн, элбэх матырыйаалы хомуйан, түмэн, 20-н тахса кинигэни бэчээттэппитэ. Чурапчы улууһун ытык киһитэ (1995), Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала. Кини аата Чурапчы орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ.
- 1930 — Владимир Карамзин — саха графига, РСФСР үтүөлээх худуоһунньуга (1982).
- 1953 — Сергей Расторгуев — 1994 сылтан Сахацирк дириэктэрэ, Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, Амма улууһун ытык киһитэ.
- 1953 — Сергей Иванов — Арассыыйа судаарыстыбаннай уонна байыаннай диэйэтэлэ, 2001-2007 сылларга Оборона миниистирэ, 2011-2016 сылларга Бэрэсидьиэн дьаһалтатын салайааччы. Кини уола Сергей Иванов 2017 сылтан АЛРОСА бэрэсидьиэнэ.
- 1962 — Алексей Миллер — 2001 сылтан Газпром бырабылыанньатын бэрэстээтэлэ.
- 1981 — Джастин Тимберлейк — Америка ырыаһыта, продюсера, үҥкүүһүтэ уонна артыыһа, түөрт «Эмми» уонна тоҕус «Грэмми» бириэмиэйэ лауреата.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1973 — Рагнар Фриш — Норвегия экэнэмииһэ, экэниэмикэҕэ Нобель бириэмийэтин 1969 сыллааҕы лауреата.
- 1992 — Мария Магатырова — саха живописеһа, CӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.
|