Иһинээҕитигэр көс

Урус-хаан

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Урус-хаан (төрөөбүт сыла биллибтэ — өлбүт сыла 1377; Муһаммад-Урус, Орыс, Арыс, Ырыс, Орыс хаан да диэн биллэр) – Тука-Тимур сыдьаана этэ, Сырдарьа улууһун баһылыга, Күөх Ордууну баһылаабыта уонна 1372 сылтан 1374 сылга диэри уонна 1375 сыллаахха бүтүн Алтан Ордуу хаан буолбута[1].

Урус-хаантан Каһаах хааннара төрүттээхтэр.

"Таварих-и Гузида-йи Нусрат Намэ" диэн кинигэҕэ суруллубутунан Урус-хаан төрдө: Чыҥыс Хаан — Дьүчи — Тука-Тимур — Уз-Тимур — Ходьа — Бадик — Урус-хан. Бу версиянан Урус-хаан Туҕла-Тимур кэнниттэн Маҥан Ордуу хаана буолуохтаах этэ.

"Искандэр анонима" диэн кинигэҕэ суруллубут Урус-хаан төрдө: Чыҥыс Хаан — Дьүчи — Орда-Ичен — Кули — Тумакан — Ноҕай — Сасы-Бука— Эрзен — Чимтай — Урус-хан. Бу версиянан Урус-хаан аҕатын Чимтай кэнниттэн Маҥан Ордуу хаана буолуохтаах этэ.

Урус-хаан туох баар Тука-Тимур сыдьааннарын өлөрбүт уонна Сыгнак хаана буолбут. Тойоттор көмөлөрүнэн тус бэйэтин былааһын күүһүрдүбүт. Алтан Ордууттан тутулуга суох хаан буоларын биллэрин бэйэтин харчыларын таһаартарбыта.

Алтан Ордуу хаана

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Урус-хаан 1372 сыллаахха тойоттор көмөлөрүнэн Күөх Ордууга сэриинэн барбыта уонна бүтүн Алтан Ордууну баһылаабыта. 1370- сыллар ортолоругар Хадьи-Тархан (билиҥҥи Астрахань) куораты сэриилээн ылбыта.

1374 сыллаахха Урус-хаан илин сылдьар кэмигэр хаан былааһын былдьаппыта. Саҥа хаан Чэркэс диэн киһи буолбута. Урус-хаан Сарай-Бэркэ куоракка төннүбүтүгэр, саҥа хаан номнуо Мамай анаабыт Булак диэн ааттаах киһи буолбут этэ. Булак Урус-хааны кытта сэриилэспит, Урус-хаан хотторон Сыгнакка төннүбүт.

1377 сыллаахха Урус-хаан утары Тимур (Тамерлан) сэриини саҕалаабыта. Чингиз-намэ диэн кинигэҕэ суруллубутунан Урус-хааны Тохтамыш уола Дьалал ад-Дин өлөрбүт.

Урус-хаан уонна Алаша-хаан

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Сорох билиҥҥи каһаах чинчийээччилэрэ этэллэринэн, холобур, Радик Темиргалиев, Урус-хаан уонна Алаша-хаан биир киһи этэ[2]. Каһаах хааннара үгэс быһыытынан бэйэлэрин Урус-хаантан төрүттээх дииллэрэ. Урус-хаан хос сиэнэ Кэрэй-хаан, ону тэҥэ кини атын хос сиэнэ Дьанибэк-хаан Каһаах дойдутун тэрийбиттэрэ.

  • Кутлуг-Буга
  • Токтакия
  • Тимур-Малик
  • Койричак
  1. Портал “История Казахстана”. e-history.kz. Тургутулунна 29 Алтынньы 2016.
  2. [Р. Темиргалиев. Ак-Орда. История Казахского ханства, из-во Коммуникационное агентство Аскарбеков и Planklon Group 2011]