Иһинээҕитигэр көс

Хатыыс

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Хатыыс (лат. Acipenser baerii, нууч. Сибирский осётр) — бөдөҥ балык.

Саха сиригэр элбэх өрүстэргэ үөскүүр, үксүн алын уонна орто сүүрүктэригэр, муора хомолоругар. Өлүөнэ өрүскэ дельтаттан Киренскай куоракка дылы көстөр. Дьааҥы өрүскэ дельтаттан Верхоянскайга дылы, Индигииргэ арыт Зашиверскай диэки тиийэр, Халымаҕа Шаманиха диэн салаатыгар дылы (муораҕа түһэр сириттэн 1069 км), Өлөөҥҥө Чемудах диэн салаатыгар дылы (1020 км), Анаабырга орто уонна алын сүүрүктэригэр.

Түгэх балык, үөрүнэн сылдьар буолар. Сүүрүктээх сири сөбүлүүр. Киэһэ уонна түүн кытыл уонна арыылар тумустарын таһыгар баар буолар.

Аһылыга өрүс түгэҕин үөннэрэ, кыра балыктар (күстэх, кыһыл харах) уонна балык искэҕэ.

Искэҕин 15-18 сааһын туоллаҕына ыыр.

Куут - хатыыс, кээчэрэ хабаҕа[1].

  1. Булчут кинигэтэ. В.Н. Сивцев. Дь. Бичик, 2017, С.24