Ыйааһын (сулустар бөлөхтөрө)
Тас көрүҥэ
Ыйааһын (лат. Libra) — зодиак сулустарын бөлөҕө, Скорпион уонна Кыыс ыккардыларынан баар. 83 харахха көстөр сулустардаах. Күн бу бөлөххө алтынньы 31 күнүгэр киирэр.
Арассыыйа территориятыттан муус устар - ыам ыйдарыгар ордук көстөр.
Устуоруйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Аан маҥнай Скорпион бөлөххө киирэр этэ. Туспа бөлөх курдук II үйэҕэ киирбитэ.
Номох чинчийээччилэр ыйааһыны Фемида, Деметра эбэтэр Немезида мала диэн быһаараллар.
Сулустар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Ордук чаҕылхай сулустар түөрт муннук курдук көстөллөр:
- Ыйааһын α-та, Зубен эль Генуби («Соҕуруу клешня») — икки хос сулус, 5,15m, 2,75m ыккардынан кылбаҥныыр.
- Ыйааһын β-та, Зубен эль Шемали, («Хотугу клешня»);
- Ыйааһын γ-та, Зубен эль Акраб («Скорпион клешнята»);
- Ыйааһын δ-та, уларыйа сылдьар сулус, 2,3 күн периодтаах 4,8 6,0 улахан ыккардынан уларыйар;
- Ыйааһын σ-та, икки хос сулус.
Ыйааһын α-та уонна β-та ыйааһын туора маһа буолаллар, онтон γ-та уонна σ-та — ыйааһыннар.
Интириэһиргэтэр объект:
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Gliese 581, түөрт платеталаах кыһыл карлик, олортон биирэ (Глизе 581d — (ааҥл. Gliese 581d)) Сиргэ маарыҥныыр. Бу планетаҕа убаҕас уу баар буолуон сөп. Олох баар буолуон сөп диэн бу диэкки 2009 сыл атырдьах ыйын 28 күнүгэр http://www.hellofromearth.net сайттан 2,845,539 байт информация ыытыллыбыта.
Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Биики ыскылаатыгар медиа билэлэр:
- The Deep Photographic Guide to the Constellations: Libra
- Астромиф: Весы Архыыптаммыт 2010, От ыйын 20 күнүгэр.