1807
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1803 1804 1805 1806 — 1807 — 1808 1809 1810 1811 |
Уоннуу сыллар |
1770-с 1780-с 1790-с — 1800-с — 1810-с 1820-с 1830-с |
Үйэлэр |
XVIII үйэ — XIX үйэ — XX үйэ |
1807 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 7 — Наполеон сэриилэрэ: Беннигсен хамаандалаах нуучча сэриилэрэ Эйлау куоракка бөҕөргөтүммүттэрин Наполеон билбит уонна кырыктаах кыргыһыы түмүгэр сэриилээн ылбыт. Кыргыһыы сарсыныгар эмиэ салҕаммыт.
- Олунньу 8 — икки күннээх кыргыһыы кэнниттэн Беннигсен баһылыктаах нууччалар уонна Л'Эсток баһылыктаах пруссактар Наполеон баһылыктаах боронтуустарга Эйлау аттыгар хотторбуттар.
- Бэс ыйын 10 — Гейльсберг кыргыһыыта (фр. La bataille d'Heilsberg) — Илин Пруссия Гейльсберг куоратын аттыгар (билигин Польша Лидзбарк-Варминьски куората) Наполеон I хамаандалаах француз аармыйатын уонна Л. Л. Беннигсен хамаандалаах нуучча аармыйатын ыккардыгар буолбут кыргыһыы. Хайалара да кыайыыны ситиспэтэҕэ, французтар 12 600 саллааты сүтэрбиттэрэ (1398 өлбүтүнэн, 10 359 бааһырбытынан, 864 билиэн түбэспитинэн), нууччалар — 6000 кэриҥэ киһини (өлбүтүнэн 2000).