Иһинээҕитигэр көс

1814

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1810 1811 1812 181318141815 1816 1817 1818
Уоннуу сыллар
1780-с 1790-с 1800-с1810-с1820-с 1830-с 1840-с
Үйэлэр
XVIII үйэXIX үйэXX үйэ
  • Тохсунньу 29Наполеон былааска иккистээн кэлбит кэмигэр Бриенна аттынааҕы кыргыһыыга Наполенон бэйэтэ салайбыт аармыйата Пруссия уонна Арассыыйа холбоһуктаах сэриилэрин кыайбыт. Ол эрээри элбэх сүтүктэммит (3 эбэтэр 4 тыһыынча киһитин сүтэрбит, 11 тэргэнин нууччаларга былдьаппыт).


  • Кулун тутар 30 — Наполеон утары коалиция сэриилэрэ (Арассыыйа, Англия, Пруссия уо.д.а.) Париж куораты сэриилээн ылбыттар, Наполеон сэриилэрэ манан түмүктэммиттэр.
  • Муус устар 4Наполеон бөрүстүөлтэн бастакытын батыммыт, төрөппүт уолун Наполеон II Франция импэрээтэринэн биллэрбит.
  • Муус устар 5 — Франция импэрээтэрэ Наполеон I союзниктар (Арассыыйа, Пруссия, Австрия уонна Британия) баһылаан олорор Парижтарын сэриилии бараары гыммытыгар генераллара сөбүлэспэтэхтэр. Онтон сылтаан ыраахтааҕы бөрүстүөлүттэн батыммыт.
  • Олунньу 10Наполеон сэриилэрэ: Франция хотугулуу-илин өттүэр баар Шампобере сэлиэнньэ аттынааҕы кыргыһыыга французтар 5 тыһыынча киһилээх куорпустара нууччалар уонна пруссактар 4 тыһыынча киһилээх сэриилэрин кыайбыт. Нуучча сэриитин баһылыга генерал-лейтенант Олсуфьев билиэҥҥэ түбэспит.
  • Олунньу 18 — Монтро аттынааҕы кыргыһыыга Наполеон кронпринц Вюртемберг хамаандалыыр Пруссия сэриитин урусхаллаабыт. Пруссактар үс төгүл аҕыйахтар этэ.