Иһинээҕитигэр көс

FIFA

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Fédération internationale de football association
Девиhа For the Good of The Game
Тэриллиитэ Ыам ыйын 21, 1904
Көрүҥэ Спорт федерацията
Салалтата Цүрих, Швейцария
Кыттааччылара 208
Ил тыллара Ааҥл, ниэмэс, француз, испан, араб
Президент Зепп Блаттер

Fédération internationale de football association (сахалыы Футбол ассоциацияларын омуктар икки ардыларынааҕы федерациялара) диэн футбол омуктар икки ардыларынааҕы салайар спорт тэрилтэтэ. Штаб-квартирата Цүрихха (Швейцария) баар, билиҥҥи президенэ Зепп Блаттер. FIFA футбол сүрүн омуктар икки ардыларынааҕы турнирдарын тэрийэр уонна салайар, олортон ордук бэлиэ буолар 1930 с. ыла ыытыллар Футбол аан дойдутааҕы кууба.

FIFA'ҕа 208 кыттааччы ассоциация киирэр.

Футбол аан дойдутааҕы салайар тэрилтэтэ баар буоларын наадата XX үйэ саҥатыгар, оонньуу аан дойду үрдүнэн киэҥник тарҕаныыта саҕаламмытын кэннэ үөскээбит. FIFA Парижка ыам ыйын 21 1904 c. тэриллибитэ. Бастакы президенынан Робер Герен буолбута.

FIFA бастакы омуктар икки ардыларынааҕы күрэхтэhиитин 1906 с. ыыппыта. Аныгыскы ордук ситиhиилээх турнирынан Лондоннааҕы сайыҥҥы Олимпия оонньуулара буолбуттара.

FIFAҕа 1908 Соҕуруу Африка, 1912 Аргентина уонна Чили, 1931 Канада уонна АХШ футбол салайар тэрилтэлэрэ кыттыыларын кэнниттэн FIFA Эуропа кэриҥиттэн тахсыбыта. Иккис аан дойду сэриитин кэнниттэн FIFA сайдыытын саҥа таhыма саҕаланар. Бары континеннарга FIFA салайар футбол конфедерациялара тэриллибиттэрэ. Билигин FIFA глобал футбол түмсүүтэ буолар.

Алта конфедерация аан дойду хаартатыгар.

FIFA Швейцария сиэрдэрин тутуhар.

FIFA үрдүкү органынан буолар FIFA конгреhа. Бу орган хас биирдии кыттааччы ассоциация көрдөрөөччүлэриттэн тэриллэр мунньах. Конгресс сылга биирдэ мунньахтыыр. Конгресс эрэ FIFA статуттарын уларытар кыахтаах.

Конгресс FIFA президенын, сүрүн сэкэрэтээрин уо.д.а. FIFA ситэриилээх комитетын кыттааччыларын талар. Президент уонна сүрүн сэкэрэтээр FIFA тутаах сололоохторо буолаллар уонна тэрилтэ күннээҕи салалтатын толороллор. FIFA сүрүн секретариатыгар 280 кыттааччы баар.

FIFA ситэриилээх комитета Конгресс интервалларыгар тэрилтэ тутаах уураах таhаарар органа буолар. FIFA аан дойдутааҕы тэрийэр структуратыгар өссө хас да атын органнар киирэллэр, кинилэр Ситэриилээх комитет салалтатыгар бааллар эбэтэр Конгреhынан тэриллэллэр. Олор ахсааннарыгар Үп комитета, Дисциплинар комитет, Дьүүллээччи комитет уо.д.а.

Хас биирдии континеҥҥа эбэтэр аан дойду регионугар FIFA статуттарынан үлэлиир конфедерациялар бааллар, кинилэр хас биирдиилэрэ бэйэлэрин континеннарыгар эбэтэр регионнарыгар футболунан салайаллар. Ил ассоциациялар хамаандалара FIFA күрэхтэhиилэригэр кытталларын иhин, FIFA уонна бэйэлэрин континеннааҕы эбэтэр регионнааҕы конфедерацияларын кыттааччылара буолуохтаахтар:

     AFCАзия уонна Аустралия
     CAFАфрика
     CONCACAFХоту уонна Орто Америка
     CONMEBOLСоҕуруу Америка
     OFCОкеания
     UEFAЭуропа.

Сорох дойдулар Эуропа уонна Азия чэрчилэригэр сытар буоланнар, хайа конфедерацияҕа кытталларын быhаарарга тиийбиттэрэ. Ол курдук, Арассыыйа, Түркийэ, Кипр, Эрмээн Сирэ, Азербайдьан уонна Грузия сорох өттүлэрэ Азияҕа сытар буолбутун да иhин, UEFA кыттыылаахтара буолбуттара. Исраил сирэ бүтүннүүтэ Азияҕа баар эрээри, Азия футбол конфедерациятын (AFC) элбэх араб уонна мусулмаан дойдулара кини футбол хамаандатын уонунан сыллар устата бойкоттаабыттарыттан сылтаан, 1994 c. UEFA'ҕа кыттыспыта. Казахстан AFC'ттан UEFA'ҕа 2002 с. көспүтэ. Аустралия OFC'ттан AFC'ҕа тохсунньу 2006 с. көспүтэ.

Гайана уонна Суринам Соҕуруу Америка дойдулара эрээрилэр, бастакыттан CONCACAF кыттааччылара.

FIFA ыытар турнирдара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Эр дьон турнирдара

Дьахтар турнирдара

Бу компаниялар FIFA спонсордара:

  • Paul Darby, Africa, Football and Fifa: Politics, Colonialism and Resistance (Sport in the Global Society), Frank Cass Publishers 2002, ISBN 0-7146-8029-X
  • John Sugden, FIFA and the Contest For World Football, Polity Press 1998, ISBN 0-7456-1661-5
  • Jim Trecker, Charles Miers, J. Brett Whitesell, ed., Women's Soccer: The Game and the Fifa World Cup, Universe 2000, Revised Edition, ISBN 0-7893-0527-5