Иһинээҕитигэр көс

Коростень

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Коростень
Flag of Коростень
Flag
Coat of arms of Коростень
Coat of arms
Координаталара: 50°58′25″ с. ш. 28°36′52″ в. д. / 50.97361° с. ш. 28.61444° в. д. / 50.97361; 28.61444 (G) (O)
Дойду Flag of Украина Украина
Бастакы ахтыллыыта
Cалалтата
 - Баhылык уонна губернатор Москаленко Владимир Васильевич
Иэнэ
 - Total 42,31 km² (16,3 sq mi)
Үрдэлэ 174 m (571 ft)
Олохтоохторо (2012)
 - Total 65 592
 - Чиҥэ 1043/km² (2701,4/sq mi)
Сайт: http://www.korosten.in.ua/

Ко́ростень (укр. Коростень, был.-нууч. Искоростень) диэн Украина Житомир уобалаһын куората, Коростеньскай оройуон киинэ. Дьонун ахсаана 65 592 (2012). Уж өрүс үрдүгэр турар. Житомиртан 87 км, Киевтэн — 150 км.

Фасмер тылдьытыгар Искоростень диэн аат скандинавия тылыттан төрүттээх диэн суруллар: stenтаас, skarfr — «туруук таас».

Норуот этимологията маннык быһаарар: «Коръстѣнь» биитэр «Коростѣнь» диэн славян «короста» диэн тылыттан тахсыбыт (Уж өрүс кытыла көнө буолбатаҕыттан). Иккис барылынан славяннар Хорс таҥараларын аатыттан.

Искоростень аан бастаан Повесть временных лет ааттанар. Онно суруллубутунан 6453 (945) сыллаахха древляннар киин уораҕайдара эбит. Билиҥҥи Коростень сиригэр VIII—XIII үйэлэрдээҕи 4 былыргы городищены булбуттара: үһэ өрүс кытылыгар баар гранит туруук таастарга, онтон биирж (9 га кэриҥэ иэннээх) Уж хаҥас кытылыгар. Городищелар чугастарыгар 6 кургаан уҥуохтар бааллара биллэр (300-тэн тахса кутуу). Көмүү сиэрэ-туома — уматыы, өлүктэр саҕах таһымыгар уонна оҥхойдорго сыталлар.[1]

Древляннар Игорь Рюрикович кинээһи наһаа элбэх түһээни хомуйаары гыммытын иһин өлөрбүттэрин кэннэ ойоҕо Ольга древляннартан иэстэспитэ — Коростень куораты төгүрүйбүтэ уонна 945/946 сылларга уоттаабыта.

1240 сыллаахха Коростень куораты моҕуоллар ылбыттара.

1370 сыллаахха Литва Улуу княжествота ылбыта. Кэлин Польша анныгар киирбитэ. 1589 сыллаахха магдебург быраабын туппута.


Билигин олохтоохторун сүнньэ украинецтар уонна нууччалар, өссө поляктар, чехтэр, сыгааннар уо.д.а олороллор. 1980-с сыллар бүтүүлэригэр дылы дьэбириэйдэр бааллар этэ, ол эрэн үксүлэрэ 1990-с сыллар саҥаларыгар көһөн барбыттара.

Оройуонунан арахсыыта

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  1. Звiздецкий Б. А. Городища IX—XIII вв. на територii лiтописних древлян. Киiв. 2008.
Wikimedia Commons
Wikimedia Commons
Коростень Биики Хааһахха