Иһинээҕитигэр көс

Кыталык

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кыталык (лат. Leucogeranus leucogeranus) — сэдэх көтөр, туруйа көрүҥэр киирэр. Эбэтэр Сибиир Үрүн кыталыга, Үрүҥ кыталык диэн биллэр.

Кыталыктар (Grus leucogeranus)

1 м 40 см үрдүк кыталык ыйааһына 6 киилэ буолар. Атыырын ыйааһына тыһытынааҕар ыарахан. Кыталык дьүһүнэ кылбаа маҥан, сирэйэ түүтэ суох, уот кыһыл. Атахтара кытархайдар. Кынатын төбөтө харалаах. Кыталык оҕото төбөтө, кэтэҕэ кытархай кугас, атын түүтэ сырдык кугас. Сымыыттан тахсарыгар хараҕа халлаан күөҕэ өҥнөөх, алта ыйыгар араҕас буолар.

Аан дойду кыталыга үс популяциялаах: илиҥҥи, киин уонна арҕаа. Кыталык илиҥҥи популяцията Саха сиригэр Халыма намталыгар сайылыыр, кыстыыр сирэ — Янцзы өрүс орто тардыыта, Кытай соҕуруулуу-илин өттө. Сорох пааралар Корейскай перешейкка, Тайваҥҥа уонна Японияҕа кыстыыллар. Арҕаа популяцията Печора өрүс аллара тардыытынан уонна Обь өрүс орто тардыытыгар сайылыыр. Кыстыыр сирэ — Иран, Каспийскай муора соҕуруу биэрэгэ. Киин популяция Обь өрүс аллара тардыытыгар сайылыыра, Ираҥҥа уонна Индия Кеоладео диэн национальнай пааркатыгар кыстыыра. Бу популяцияны тиһэҕин 2002 сыллаахха бэлиэтээбиттэр. Билигин, арааһа, сүппүт диэн сабаҕалыыллар. Кыталык атын туруйаларга тэҥнээтэххэ ууттан ырааппат көтөр.

Кыталык тугу барытын сиир. Сурун аhылыга уу отоно, кыра кэбийэр харамайдар, балыктар уонна үөн-көйүүр.

Кыталык субарктическай туундараҕа, тыалаах туундараҕа уонна Саха сирин хотугулуу-илин тайҕатыгар сымыыттыыр. Сымыыта биир эбэтэр икки буолар. Ийэтэ, аҕата иккиэн 29 күн устата баттыыллар. Үксүн биир эрэ оҕо тыыннаах хаалар. 70-75 күнүнэн кыталык оҕолоро бэйэлэрэ көтөр буолаллар. Үчүгэй сылга кыталык ахсаана 200 көтөрүнэн элбиир. Куһаҕан сылга 34-38 эрэ саҥа көтөр эбиллэр. Кыталык сымыыттыыр кэмигэр олус сэрэхтээх. Уйатыгар киһи чугаһаатаҕына уйатыттан 1-1,5 км тэйэр. Оннук тулаайахсыйбыт уйа атын кыыл аһылыга буолуон сөп. Кыталык 5-7 сааһыгар ууһуур кыахтанар. Пааралар куруук бииргэ сылдьаллар.

Кыталык илиҥҥи (Саха сиринээҕи) популяцията аан дойду кыталыгын уопсай ахсаанын 98,7 % ылар[1]. Кытайга кыстыыр сиригэр Үс хапчаан плотината тутуллуоҕуттан ыла, кыталык олорор айылҕата уларыйан, ахсаана аҕыйаабыт. Уопсай ахсаана 2900-3000 көтөр эбит буоллаҕына (2002 сыл туругунан), билигин лаппа аччаан иһэр. Кыталык сүтэр кутталламмыт көтөрдөргө киирэр. Кыталык Ираҥҥа кыстыыр арҕаа популяциятын ахсаана сүүрбэҕэ тиийбэт.

  1. Стратегия сохранения стерха в Якутии, Якутск 2002, ЯФ Изд-ва СО РАН, ISBN 5-7692-0538-5

Кыталык саха киһитин олоҕор

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Саха сиригэр кыталык киһи саамай сөбүлүүр, ытыктыыр көтөрдөрүгэр киирэр. Кыталык саха киһитин итэҕэлигэр биир миэстэни ылар. Айыылар, удаҕаттар кыталык мөссүөнүнэн киһиэхэ көстөллөр диэн итэҕэйии баар. Кыталыгы өлөрөр аньыынан ааҕыллар.

Кыталыгы харыстааһын

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Кыталык Аан дойдутааҕы Айылҕаны харыстыыр сойуус Кыһыл Кинигэтигэр (Красная книга Международного Союза Охраны Природы (МСОП) / The World Conservation Union (IUCN)) уонна да атын испииһэктэргэ киирбит. Саха сиригэр кыталыгы бултуур 1962 сылтан бобуллан турар. Кыталык сымыыттыыр сүрүн сирэ «Кыталык» диэн эркээйи сиргэ киирэр (Сеть охраняемых местообитаний редких журавлей Севера-Востока Азии / North East Asian Crane Site Network).

Тааттааҕы айылҕаны харыстыыр инспекция дойдулар ыккардыларынааҕы GEF/UNER «Кыталык уонна атын уу таһынааҕы көтөрдөр олорор уонна көтөн ааһар сирдэрин тупсарыы» диэн бырайыакка кыттар. 2008 с. «Куолума-Чаппанда» ресурснай резерваакка бу бырайыак иһинэн үлэлиир учуонайдар 1700 кыталык көтөн ааспытын көрбүттэр.[1].

  1. «СахаЭкос» хаһыат, 1№, 2009