Ойуур өтөҕүн тэллэйэ
Тас көрүҥэ
Ойуур өтөҕүн тэллэйэ (лат. Agaricus sylvaticus Secr., нууч. Шампиньон лесной, Благушка) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр таҥалайдаах сиэнэр тэллэй.
Үүнэр сирдэрэ: ойуур ырааһыйалара, кымырдаҕас оргулун таһа.
Оҥоһуутун ойуулааһын
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Сэлээппэтэ: Сымыыттыҥы, чуораан курдук формалаах, кэлин хаптайар. Элбэх хараҥа хатырыктардаах. Диаметра 5-10 см.
Таҥалайдаах араҥата: Бастаан роза өҥнөөх, онтон күрэҥ, сакалаат өҥүн курдук.
Этэ: Үрүҥ, алдьаттахха кытарар, онтон саһарар.
Атаҕа: Аллара модьуруур. Үрүҥ тиэрбэстээх, кэлин сүтэр.[1].
Туттуллуута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Атын өтөх тэллэйдэрин курдук ордук иҥэмтэлээх тэллэйдэргэ киирсэр. Тута сиэнэр уонна маринуйданар.
Өссө маны көр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Грибы Якутии. Г.С. Угаров уонна соавт., Дьокуускай, Бичик, 2009 ISBN 987-5-7696-3120