1893 сыл
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1889 1890 1891 1892 — 1893 — 1894 1895 1896 1897 |
Уоннуу сыллар |
1860-с 1870-с 1880-с — 1890-с — 1900-с 1910-с 1920-с |
Үйэлэр |
XVIII үйэ — XIX үйэ — XX үйэ |
1893 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 22 — Саха сирин губернатора Бүлүүгэ мунньах ыыппыт, онно араҥ ыарыһахтары Бүлүүттэн 15-18 биэрэстэлээх сиргэ, түҥ тайҕа быыһыгар, холуонньаны олохтооһун туһунан боппуруос көрүллүбүтэ. Ол бириэмэҕэ ыарыһахтарга анаан 9 балаҕан тутуллубута. Москубаттан үс сиэстэрэ — Соколова, Гладушкина, Немкова кэлэннэр ыарыһахтары көрбүттэрэ-истибиттэрэ. Кэнники эбии таҥара дьиэтэ тутуллубута. Холуонньа фермалааҕа, онно уон ынах баарын ыарыһахтар бэйэлэрэ көрөллөрө. Холуонньа көҥүл сиэртибэлээһин харчытынан үбүлэнэрэ. Саха уобалаһыттан бүтүннүүтүттэн ыарыһахтары булан, Бүлүүтээҕи лепрозорийга илдьэллэрэ.
- Атырдьах ыйын 15 — Третьяковскай галерея аһыллыбыт («Павел уонна Сергей Михайлович Третьяковтар Москуба куораттааҕы галереялара»).
- Сэтинньи 28 — Саҥа Зеландияҕа аан дойдуга бастакыннан дьахталлар бүтүн дойдутааҕы быыбарга кыттыбыттар.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 30 — Иван Платонов — Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Иккис Наахара нэһилиэгин маҥнайгы учуутала.
- Олунньу 2 — Буссенго Жан Батист — Боронтуус учуонайа, акадьыамык, агрохимияны төрүттээччи.
- Олунньу 2 — Сүхбаатар (Сухэ-Батор, сахалыы тылбааһа Сүгэ Боотур) — 1921 сыллааҕы Монголия өрөбөлүүссүйэтин салайааччыта.
- Кулун тутар 25 — Винокуров Иван Николаевич, саха политика диэйэтэлэ.
- Кулун тутар 29 — Кралин (Иванов) Алексей Евсеевич (29.03.1893—1974) — Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, салайааччы, политик.
- Бэс ыйын 13 — II Одунуга (билигин Горнай улууһун сирэ) Мамаев Иван Федорович төрөөбүт, муосчут, чеканщик, ювелир, Саха сирин норуодунай художнига, ССРС худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ, (өлбүт сыла — 1954).
- Сэтинньи 11 — Ойуунускай Платон Алексеевич, улуу политик, суруйааччы.
- Ахсынньы 26 — Мао Цзэдун, Кытай салайааччыта (09.09.1976 өлб.)