Джон Кеннеди
Джон Фицджеральд Кеннеди (Ыам ыйын 29 1917 - Сэтинньи 22 1963) киэҥник "Джек" эбэтэр инициалларынан JFK диэн ааттыллара, 1961 сыллаахтан кинини 1963 сыллаахха өлөрүөхтэригэр дылы АХШ 35-с президена этэ. Ордук эдэр АХШ президена этэ, 43 саастааҕар талыллыбыта. Кини былааска баар эрдэҕинэ Сибиинньэ Заливыгар операция, Карибаҕа кризис, Берлиҥҥа истиэнэни тутуу, Космоска эккирэтиһии, Америкаҕа негрдар гражданскай бырааптарын иһин охсуһуу уонна Вьетнам сэриитин саҕаланыыта.
Олоҕун олуктара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Кеннеди Бруклайн, Массачусетска 1917 сыл ыам ыйын 29 күнүгэр төрөөбүтэ. Кеннеди дьиэ кэргэнигэр тоҕус оҕолортон иккис этэ. Аҕата - Джозеф Кеннеди (1888-1969) - бизнесмен, онтон 1938-1940 сылларга Холбоһуктаах Хоруоллукка АХШ посолунан үлэлээбитэ. Ийэтэ Роуз Фитцжеральд (1890 -1995) Бостон мэрын оҕото этэ.
Гарвард университетын бүтэрбитэ. Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр АХШ флотугар сулууспалаабыта. Сэриигэ Дьоппуоннары кытта кыргыһыыга көхсүн өлөрбүтүн да буоллар кини хамаандатын быыһаабыта, кэлин ол быһыытын иһин мэтээл ылбыта.
1946 сыллаахха Конгресска талыллыбыта, онтон 1952 сыллахха Сенатка талыллыбыта. Жаклин Бувьеры кытта 1953 сыл балаҕан ыйын 12 күнүгэр ыал буолбуттар, иккиэн түөрт оҕоломмуттар: Каролина, Джон, Патрик уонна биир оҕо икки эрэ күн олорбут.
Президент сыллара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Кеннеди Демократическай партия чилиэнэ этэ. 1960 сыллахха президент быыбарыгар Республиканскай партия чилиэнин Ричард Никсоны кыайбыта. Билиҥҥигэ дылы Кеннеди ордук эдэр президент буолбутунан биллэр. Ол гынан баран кини өссө бастакы Рим католига этэ, уонна Путлицер бирииһин ылбыт президент буолар. Киэҥ дьоҥҥо тылы этэргэ биир улахан маастар этэ, ол кэнниттэн эдэр америка олохтоохторо көтөҕүлэммиттэрэ.
Президенныр срогун саҕаланыытыгар Кубаҕа саба түһүнү илии баттаабыта. Ол саба түһүү табыллыбатаҕын кэннэ Карибскай кризис саҕаламмыта. Ол кризис бириэмэтигэр Куба ССРС-тан элбэх атомнай бомбаны аҕалтарбыта. Аан дойду атомнай сэриитигэр ол биир ордук чугас кэм этэ. АХШ флотугар Кубаны төгүрүтэн турарга бирикээстээбитэ. Ол кэнниттэн ССРС-ы кытта дуогабардаспыта. ССРС атомнай бомбаларын Кубаттан таһаарар, онтон АХШ Турцияттан эмиэ суох оҥорор диэн.
Өлөрүүтэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Кеннедига 1963 сыл сэтинньи 22 күнүгэр Техас штат Даллас куоратыгар өлөрүү буолбута. Куорат уста аһыылаах массыынанан айаннаан истэҕинэ сааттан ыппыттар. Кеннедига иккитэ түбэспиттэр. Парклэнд госпиталыгар илдьэ барбыттар, ол күн күнүс 1 чааска өлүүтүн биллэрбиттэр. Кинини Ли Освальд Харвины өлөрүөхсүтүнэн биллэрбиттэр, ону кини аккаастаммыт, ону кинини икки күнүнэн өлөрбүттэр.
Сэтинньи 25 күнүгэр Үрүҥ дьиэ аттыгар көмүүтүн процеһа ааспыт. Арлингтон, Вирджиния штатыгар сытар.
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |